Иванова-Сидоркевич Ольга Петровна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Иванова-Сидоркевич Ольга Петровна

Иванова-Сидоркевич Ольга Петровна (23.11.ырыаһыта, ырыа айааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл.

Олоҕун олуктара

1932 сыллаахха сэтинньи 23 күнүгэр Амма оройуонун Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүт.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара

  • Кэргэнэ — Сидоркевич Гелярий Владимирович[1].
  • Кыыһа — Вера Шилова[1].
  • Кыыһа — Сидоркевич Ольга Гелярьевна, Москваҕа олорор, Театр на Серпуховке режиссера[1].

Айар үлэтэ

Биллэр ырыалара

  • «Манчаары»[2] (Т. Сметанин тыллара)
  • «Ыра санаа»
  • «О, таптал»
  • «Таптаа миигин»
  • «Ньургуһуну харыстаа»
  • «Таптыаҕыҥ ийэни»[3] (Эллэй тыллара)
  • «Аҕабар»
  • «Иһит ыллыыр ырыабын»[4] (Ольга Иванова тыллара)
  • «Доҕоруом, эн кэлиий»
  • «Күтүөттээмэ эн миэхэ»
  • «Ньирэй көрөөччү кыыс ырыата»[5] (Ольга Иванова тыллара)
  • «Баҕардым күөрэгэй буолуохпун».

Уопсатыбаннай үлэтэ

Амма өрүс уутун Чурапчыга хачайдыыр бырайыагы утаран Киин Телевидение эпииригэр тахсан бүтүн сойуус үрдүнэн ыҥырыы таһаарбыта.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстааһын туйгуна
  • «Саха-Азия оҕолоро» Фонд стипендиата

Быһаарыылар

Сигэлэр