Павлов Афанасий Афанасьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Павлов Афанасий Афанасьевич

Павлов Афанасий Афанасьевич — история билимин кандидата, республикатааҕы «Билии» общество тутаах лектора (2004).

Олоҕун олуктара

  • 1943 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Саха АССР Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1963—1966 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта.
  • 1969 с. — Саха государственнай университетын историяҕа салаатын уһулуччулаахтык үөрэнэн бүтэрбитэ.
  • 1969 с. — үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, Ойуһардаах аҕыс кылаастаах оскуолатын директорынан ананан үлэлээбитэ.
  • 1976 с. — ССКП Алексеевскайдааҕы (билигин — Таатта) райкомун аппаратыгар үлэлээбитэ.
  • 1981 с. — ССКП Бүлүүтээҕи райкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа салаатын сэбиэдисэйэ.
  • 1983 с. — Бүлүү оройуонун ис органнарын салаатыгар иитии үлэтигэр начальник солбуйааччыта.
  • 1992—1995 сс. — Н. Степанов аатынан Бүлүү 3 №-дээх оскуолатыгар история учуутала.
  • 1995 с. — гуманитарнай чинчийии Институтун научнай үлэһитэ.
  • 2003 с. — история билимин кандидатыгар «Губернатор И. И. Крафт: опыт управления Якутской областью» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

А. А. Павлов — Саха Сирин революция иннинээҕи уонна билиҥҥи кэмнэрин чинчийэр, 50-н тахса научнай уонна научно-популярнай ыстатыйалары суруйбута.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Губернатор И. И. Крафт» (Якутск, 2004) — монография.
  • «Участие якутян в Великой Отечественной войне. 1941—1945» — брошюра.

Ыстатыйалара

  • «Проблемы становления и развитие предпринимательства РС(Я)» (Сб.: Этно-социальное развитие РС(Я).— Якутск, 2000).
  • «Предпринимательство в Якутии: опыт и современная ситуация» (Республика Саха (Якутия).— Якутск, 2000).
  • «О кооперативном движении в Якутии» (Наука и образование.—1998.—№ 3).
  • «Губернатор И. И. Крафт» (Наука и техника. —2002.— № 2—3).
  • «Кэт Марсден и ее экспедиция» (Якутский архив.— 2002.— № 4).
  • «Губернатор И. И. Крафт: прорыв в области народного образования» (Народное образование.— 2004. — № 4).
  • «Губернатор И. И. Крафт и провокатор» (Полярная звезда.— 2001. — № 5).

Павлов А. А. туһунан

  • Кокорин Д. И. Айымньылаах улэһит //Среднеколымский улус: История. Культура. Фольклор.— Якутск, 2000.— С.138.
  • Петров Ю. Д. Наш исторический.— Якутск, 2004. — С.130—134.
  • Назаров Н. Н. О Крафте в подробностях. — Рец. на кн.: Павлов А. А. Губернатор И. И. Крафт.— Якутск, 2004 // Якутия.— 2005.— 24 марта.

Сигэлэр