Гильберт Давид

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Давид Гильберт 1912 сыллаахха.

Давид Гильберт (Көнинсберг,Пруссия, 1862 Тохсунньу 23–Гөттиҥен, Германия, 1943 сыл олунньу 14) ниэмэс матемаатига. Кини бириэмэтигэр биир ордук сабыдыаллаах матемаатик учуонай этэ.

Гильберт араас уобаластарга киэҥ идеялары чинчийбитэ. Инвариант теориятын чинчийбитэ,Квантовай механика уонна относительнай теория элбэх боппуруостарын математика өттүн Гильберт уонна кини устудьуоннара быһаарбыттара. Кини бастаан математиканы метаматематикаттан араарбыта онон Кантон теорияларын уонна трансфинитнай сыыппаралары хаххалаабыта.

Гөттиҥен оскуолата

1895 сыллаахха Гөттиҥен университетыгар математика декана буолбута, ол бириэмэҕэ аан дойдуга математиканы дириҥник үөрэтэр киинэ этэ. Олоҕо бүтүөр дылы деканынан сылдьыбыта. Биллэр үөрэнээччилэрэ: Герман Вейл, шахмат чемпиона Эмануэль Ласкер, Эрнст Зернело уонна Карл Густав Хемпель. Гөттиҥберг университетыгар үлэлии сырыттаҕына чулуу математиктары кытта билсэ сылдьыбыта, ол быыһыгар Эмми Нөтэр уонна Алонзо Черч.

Аксиомалар уонна проблемалар

Гильберт аксиомалара

Grundlagen der Geometrie (Геометрия төрүтэ) диэн үлэтэ 1899 сыллаахха бэчээттэммитэ. Эклид аксиомаларын буолбакка Гильберт бэйэтин аксиомаларын наборун киллэрбитэ. Евклид үлэтигэр баар боппуростары быһаарбыттар.

Гильберт программата

1920 сыллаахха математикаҕа чинчийии проегын киллэрбитэ. Математика формулалара биир буолбут курдук уонна барыта толору логика төрүттээх буолуохтаах диэн итэҕэйэрэ.

Ону быһаарарга:

  1. Математика барыта биир набор аксиомалары билиниэхтээх; уонна
  2. Ол аксиомалар системалара дакаастабыллаах буолуохтаах

диэн саныыра.

Киниэхэ техника уонна философия өттүттэн киллэриини биэрэр биричиинэлэрдээх курдук этэ.

Прикладной математика

1912 сыл кэнниттэн Гильберт болҕомтотун прикладной математикаҕа уурбута, ол курдук ааҕыыны уонна физика математикаҕа. Ол үлэлэрэ эмиэ улахан суолталаахтар.

Быһаарыылар

  1. Билигин Калининград уобалаһа, Россия.
  2. Эргийэр эттиккэ уларыйбат геометрическай фигуралары
  • Ewald, William B. (ed) 1996. From Kant to Hilbert: a source book in the Foundations of Mathematics. 2 vols, Oxford.
  • Jean van Heijenoort, 1967. From Frege to Godel: a source book in Mathematical Logic, 1879–1931. Harvard Univ. Press.
  • David Hilbert; Cohn-Vossen S. 1999. Geometry and Imagination. American Mathematical Society. ISBN 0-8218-1998-4. An accessible set of lectures originally for the citizens of Göttingen.
  • [David Hilbert] Michael Hallett and Ulrich Majer. eds. 2004. David Hilbert's Lectures on the foundations of Mathematics and Physics, 1891–1933. Springer-Verlag Berlin Heidelberg. ISBN 3-540-64373-7.
  • Rowe, David; Gray, Jeremy J 2000. The Hilbert challenge. Oxford University Press. ISBN 0-19-850651-1.