Днепр

Днепр Европа биир улахан өрүһэ. Россия, Беларусь уонна Украина нөҥүө Хара муораҕа ааһар. Устунан Европаҕа ордук уһун өрүс буолар. Толору уһуна 2285 километр. Онтон 485 километра Россияҕа, 595 километра Беларуська уонна 1095 Украинанан ааһар. Бассейна 504000 км². Былыргыга гириэктэр өрүһү Борисфен диэн ааттыыллара.