Нелунов Анатолий Гаврильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Нелунов Анатолий Гаврильевич

Нелунов Анатолий Гаврильевич (1943-2021) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.

Элбэх монография уонна тылдьыт ааптара, 110-тан тахса билим ыстатыйаны бэчээттээбитэ. Икки туомнаах Сомоҕо домох сахалыы-нууччалыы тылдьытыгар (I туома – 1998, II туома -2002) саха тылын баайын дириҥник хорутан киллэрбитэ, бу кинигэтэ аҥардас билимҥэ эрэ суолталаах буолбакка, саха омугун ыччатын сайдыытыгар улахан өҥөлөөх. Саха тылын улахан быһаарыылаах тылдьытын таһаарыыга сүрүн эрэдээктэр солбуйааччыта уонна түөрэ 15 туомун эппиэттиир сэкиритээрэ этэ. Бүөтүр Слепцову кытта Быһаарыылаах тылдьыты туһаныы туһунан уһун уонна кылгас ыйыылар-кэрдиилэр ааптардара. Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьытын соавтора (1994, 2008). 2002 сыллаахха тахсыбыт Таба суруйуу тылдьытын ааптардарыттан биирдэстэрэ. 2015 сыллаахха тахсыбыт саҥа таба суруйуу тылдьытын сүрүн эрэдээктэрэ.

Маны таһынан учуонай киэҥ далааһыннаах уопсастыбаннай үлэни ыытара, саха тылын туруга бөҕөргүүрүн туруорсара, СӨ тыллар тустарынан сокуона олоххо киирэригэр үлэ ыыппыта, СӨ Бэрэсидьиэнин уонна кэлин Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Тыл сэбиэтин чилиэнэ этэ.

Саха тылын учууталларыгар уонна ХИФУ устудьуоннарыгар сэминээрдэри ыытара. Игидэй оскуолатыгар 2002 сыллаахтан «Развитие единого образовательно-воспитательного пространства села на основе философии народа саха» диэн былаһаакканы билим өттүттэн салайбыта.


Олоҕун олуктара

  • 1943 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр Саха АССР Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр төрөөбүт. который был образован специально для составления Большого академического толкового словаря якутского языка.
  • 1967 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбит.
  • 1967 с. — Саха государственнай университет аспирантуратыгар үөрэммит.
  • 1968—1969 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
  • 1969—1971 сс. — Саха государственнай университет аспирантуратыгар үөрэҕин салгаабыт.
  • 1972 сылтан — Тыл уонна литэрэтиирэ институтун лексикология уонна лексикография сиэктэрин лабораана, младшай научнай үлэһитэ.
  • 1979 с. — тыл үөрэҕин билимин хандьыдаатыгар диссэртээссийэтин «Глагольная фразеология якутского языка» тиэмэҕэ Алма-Ата куоракка ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 1986—1991 сс. — старшай научнай үлэһит.
  • 1991—1998 сс. — РНА СС Дьокуускайдааҕы филиалын ТЛИ Институтын дириэктэрин билимҥэ солбуйааччыта.
  • 1998—2007 сс. — ведущай научнай үлэһит.
  • 2008 сылтан — лексикография салаатын старшай научнай үлэһитэ.

2021 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр 78 сааһыгар сылдьан Дьокуускайга ыалдьан өлбүтэ.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Глагольная фразеология якутского языка» (1981) — монография.
  • «Якутско—русский фразеологический словарь», в двух томах (1998, 2002).
  • Толковый словарь якутского языка = Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта: Т. III. / Под ред. П. А. Слепцова. — Новосибирск: Наука, 2006. — 844 с. (Буквы Г, Д, Дь, И) — в соавторстве, словарные статьи на букву И (полностью).
  • Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быhаарыылаах улахан тылдьыта: Т. IV. / Под ред. П. А. Слепцова. — Новосибирск: Наука, 2007. — 672 с. (Буква К) — в соавторстве, словарные статьи на букву К (көбүөхтээ — көрүү—харайыы).
  • Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быhаарыылаах улахан тылдьыта: Т. V. / Под ред. П. А. Слепцова. — Новосибирск: Наука, 2008. — 616 с. — в соавторстве, словарные статьи на букву К (кыhын — кыhыҥҥытый).
  • Краткий толковый словарь якутского языка = Саха тылын быhаарыылаах кылгас тылдьыта. — Якутск: Бичик, 2008. — 680 с. (2—е изд., доп., испр.) — в соавторстве.
  • «Словарь» О .Н. Бетлингка и якутская фразеография. // О.Н.Бетлингк и тюркское языкознание: Сб.науч.ст. / П. А. Слепцов (отв. ред.). — Якутск: Изд—во СО РАН, ЯФ, 2005. — 192 с. — С. 149—152.
  • Перевод и лексикографическая разработка фразеологизмов в «Русско—якутском словаре» под редакцией П. С. Афанасьева и Л. Н. Харитонова. // Актуальные проблемы перевода в свете языковой политики. — Якутск, 2006. — С. 125—133.
  • Роль экстралингвистических факторов в образовании фразеологизмов якутского языка. // Наука и образование. — 2007, № 3. — С. 146—148.
  • Фразеологизмы с компонентом ыт 'собака' в якутском языке. // Сравнительно—историческое языкознание. Алтаистика. Тюркология / Мат—лы межд. науч.—практ. конф. — М.: Тезаурус, 2009. — С. 181—182.
  • Фразеологизмы якутского языка, обусловленные социально—историческими факторами. // Система ценностей современного общества. Сборник материалов Х Международной научно—практической конференции. В 2—х частях. Часть 1. / Под общ. ред. С. С. Чернова. — Новосибирск, 2010. — 285 с. — С. 191—194.

Наҕараадалара

Билими сайыннарыыга кылаатын иһин А.Г.Нелунов СӨ Ил Дарханын Грамотатынан, СӨ бырабыыталыстыбатын Грамотатынан, Ил Түмэн Грамотатынан, ССРС Наукатын Акдьыамыйатын бөрөсүүдьүмүн грамоталыран, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Арассыыйа билимин акадьыамыйатын Сиирдээҕи салаатын «Үрүҥ көмүс сигма» бэлиэтинэн, СӨ НА «За заслуги в развитии науки Республики Саха (Якутия)» мэтээлинэн, СӨ наукатын уонна идэтийбит үөрэхтээһин министиэристибэтин «За заслуги в области науки» түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн, Аан дойдутааҕы Түүр акадьыамыйатын (TWESCO) «За вклад в развитие тюркологической науки» суругунан (Астана, 2018 г.) наҕараадаламмыта.

Сигэлэр