2011 сыл
Сыллар |
---|
2007 2008 2009 2010 — 2011 — 2012 2013 2014 2015 |
Уоннуу сыллар |
1980-с 1990-с 2000-с — 2010-с — 2020-с 2030-с 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2011 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Эстония официальнайдык евроҕа көһөр.
- Тохсунньу 14 — Тунис бэрэсидьиэнэ Зин эль-Абидин Бен Али Саудовскай Аравияҕа күрээбит. Бу дойдуга кини былааһын утары буолбут хас да бөдөҥ демонстрацияны «Арааб сааһа» саҕаланыытынан ааҕаллар.
- Тохсунньу 25 — Эгиипэт өрөбөлүүссүйэтин бастакы долгуна саҕаламмыт. Уулусса устун тэрээһиннээх хаамыылар, миитиннэр, былаас модьуйуутун истибэт буолуу аахсыйалара, забастовкалар уонна хааннаах киирсиилэр буолуталаабыттар.
- Арааб сааһа: Йиэмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, 16 000 тахса бырачыастааччылар Санаҕа аарбыйалаан хаампыттар(демонстрация).
Олунньу
- Олунньу 11 — Арааб сааһа: Эгиипэккэ өрөбөлүүссүйэ 17 хонуктаах бастакы долгуна бэрэсидьиэн Хосни Мубарак былаастан туорааһыныгар тиэрдибит, былааһы байыаннай үрдүкү сэбиэт тутан хаалбыт.
- Олунньу 14 — «Арааб сааһа»: Бахрейнҥа «Уордайыы күнэ» диэн ааттаммыт өрө туруу саҕаламмыт.
- Олунньу 17 — «Арааб сааһа»:
- Ливияҕа Муаммар Каддафины утары бырачыастар саҕаламмыттар.
- Бахрейнҥа куттал суох буолуутун сэбилэниилээх күүстэрэ Манаамаҕа бырачыастааччылар утары рейдэ оҥорбуттар, бу түбэлтэ олохтоохторго Хааннаах чэппиэр диэн аатынан биллэр.
Кулун тутар
- Кулун тутар 1 — Арассыыйаҕа «Полиция туһунан» сокуон олоххо киирбит.
- Кулун тутар 3-6 күннэрэ — Саха сирин дьахталларын XIII сийиэһэ буолбут.
- Кулун тутар 11 — Японияҕа, Фукусима куоракка сир хамсааһын түмүгэр Чуумпу далайга сүүнэ улахан цунами кэлэн «Фукусима дай ичи» атом станциятын урусхаллаабыт.
- Кулун тутар 12 — Японияҕа сир хамсааһынын уонна цунами кэнниттэн Фукусима-дайити АЭС ректора саахалламмыт, радиация тас эйгэҕэ быраҕыллыбыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 20-21 күннэрэ — Шяуляй куоракка Европа II спортивнай оонньууларыгар Олмипиадаҕа киирбэт 9 көрүҥҥэ күрэхтэспиттэр. Ол иһигэр саха хапсаҕайыгар уонна мас тардыһыытыгар.
Бэс ыйа
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимҥэ уонна техникаҕа интэлигиэнсийэтин II форума буолбут.
- СӨ Уопсастыбаннай балаататын бастакы састаабын аҥаарын Өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ бигэргэппит, түөрт хонон баран — иккис аҥаара талыллыбыт.
Атырдьах ыйа
- Георгий Кадзовы ахта-саныы биир дойдулааҕа Хотугу Осетия-Алания бырабыытылыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы Валентин Базров кэлэ сылдьыбыт. Айхалга параад буолбут, Кадзовка мэҥэ өйдөбүнньүк аһыллыбыт.
- Уһук Илин куораттарын мээрдэрэ Япония Арҕаа Кытылын мээрдэрин кытта XXIII көрсүһүүлэрэ аһыллыбыт. Японияттан Хагодатэ, Акита, Юрихондзе, Ниигата, Цубамэ, Дзеэцу, Тояма, Такаока, Цуруга, Майдзуру, Арассыыйаттан Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Камчааткатааҕы-Петропавловскай, Находка, Соҕуруу Сахалинскай, Улан-Удэ уонна Владивосток куораттар бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Туризм уонна көлө сайдыытын туһунан кэпсэппиттэр.
- Атырдьах ыйын 23 — "Өлүөнэ турууктара" паарканы ЮНЕСКО-ттан кэлбит эспиэрдэргэ (Соҕуруу Кэриэйэттэн Ке Син Ху, Монголияттан Соранг Го) көрдөрбүттэр.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 2 — Кыһыл Сыырга бөһүөлэк 50 сыла, гаас хостоммута 55 сыла туолуутун бэлиэтээбиттэр, мемориал арыйбыттар.
- түмэт-тэрилтэ тэриллибит.
- Стамбуулга буолбут аан дойду көҥүл тустууга чөмпүйэнээтигэр Виктор Лебедев иккистээн көмүс мэтээли ылбыт.
- Судаарыстыбаннас күнүгэр ХИФУ бастакы ректорыгар бөлүһүөк учуонай Авксентий Мординовка мэҥэ аһыллыыта буолбут.
- Балаҕан ыйын 28 — Егор Борисов салалталаах СӨ официальнай дэлэгээссийэтэ Британияҕа сырыытын саҕалаабыт. Лондоннааҕы фонда биржатын бэрэсидьиэнин Ксавье Ролены, "Macquarie Renessance" пуонда толорооччу дириэктэрин Эндрю Коулины, Европатааҕы реконструкция уонна сайдыы баанын (ЕБРР) бэрэсидьиэнин Томас Мировтыын көрсүһүүлэр буолбуттар.
- Арҕаа Хаандыга үрэҕи туоруур 389 миэтэрэлээх күргэ Томпо улууһугар аһыллыбыт. Дьабарыкы Хайа таас чоҕу хостуур сирин кытта улуус киинэ бигэ суолунан ситимнэнэрэ кыра хаалбыт: эбии 34 км суол тутуллуохтаах.
Алтынньы
- Алтынньы 6 — ХИФУ Чукоткатааҕы филиала аһыллыбыт.
- Алтынньы 12-16 — Хабаровскайга аан бастаан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын гастроллара буолбут. "Кыһыл ойууну" көрдөрбүттэр.
- Алтынньы 15 — Аан дойду үрдүнэн 82 дойду 950 куоратыгар улахан бырачыастар буолбуттар. Бырачыас сүрүн тиэмэтэ — экономическай тэҥэ суох буолуу, корпорациялар судаарыстыбаларга сабыдыаллара, бэлиитикэҕэ коррупция.
- Алтынньы 16 — "Азия оҕолоро" оонньуулары Азия Олимпиадаҕа кэмитиэтэ өйүүрүн биллэрбит. Ол туһунан меморандумҥа Ашхабаакка буолбут кэмитиэт мунньаҕар илии баттаабыттар.
- Алтынньы 18 — Арассыыйа, Украина, Беларусь, Казахстан, Армения, Кыргыстаан, Молдавия уонна Таджикистан СНГ-га көҥүл атыы-эргиэн зонатын олохтуур сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- Алтынньы 20 — Ливияҕа гражданскай сэрии: өрө турааччылар Ливия диктаатарын Муаммар Каддафины туппуттар уонна сотору кэминэн өлөрбүттэр, манан Ливия бастакы гражданскай сэриитэ түмүктэммитэ.
- Алтынньы 31 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.
Сэтинньи
- Ковров, Ломоносов, Таганрог уонна Сэрии албан аатын куоратын ытык аатын ылбыттар.
- Сэтинньи 15 — Аллараа Бэстээххэ АЯМ тимир суолун кыһыл көмүс звенота ууруллубут. Бу суол тутуута 1930-с сылларга саҕаламмыта. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев үөрүүлээх быһыыга-майгыга эппит тылыгар аны Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэни тутар сорук турарын тоһоҕолообута. Тимир суол атын көлөнү кытта тэҥнээтэххэ таһаҕаһы аҕалыыны быһа холоон 20 төгүл чэпчэтэр, оттон онно сыһыаннаах ороскуоту барытын аахтахха отой да 200 төгүл диэн аахпыттара.[1].
Ахсынньы
- Ахсынньы 1 — Алма-Атааҕа метрополитен аһыллыбыт.
- Ахсынньы 18 — АХШ сэриилэрин бүтэһик чаастара Ираак сириттэн таһаарыллыбыттар. Кинилэр Ираакка 2003 сыллаахха Саддам Хусейн эрэсиимин сууллара киирбиттэрэ.
- Ахсынньы 27 — "Саха сирин саҥалыы сайдыытыгар уопсастыба ис кыаҕа" (нууч. Духовный потенциал общества в инновационном развитии Якутии) диэн ааттаах уопсастыбаннас форумун түмүктүүр мунньаҕа буолбут. Форумҥа Саха сирин омуктарын төрүт сиэрдэрин-туомнарын декларацията (нууч. Декларация духовных ценностей народов Якутии) ылыныллыбыта[2].
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Копырин Николай Захарович — филология билимин хандьыдаата, литературовед, критик. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- Кулун тутар 2 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев - Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.
- Ыам ыйын 6 — Скрябин Михаил Архипович (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа
- Бэс ыйын 25 — Неймохов Егор Петрович (30.03.1950—25.06.2011) — саха народнай суруйааччыта.
- От ыйын 8 — Посельская Наталья Семёновна (12.04.1946 — 8.07.2011) — балерина, балет педагога, хореограф, педагогика билимин хандьыдаата.
- Алтынньы 5 — Стив Джобс (1955 төр.), Apple корпорацияны олохтооччулартан биирдэстэрэ, тэрилтэ урукку генеральнай дириэктэрэ.
- Алтынньы 28 — Алексей Шадрин — 1997—2002 сылларга Чурапчы улууһун баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Чурапчы улууһун ытык киһитэ.