Огдуо Аксенова

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Огдуо Егоровна Аксёнова
Aksenova Ogdo Egorovna.jpg
Төрөөбүт күнэ 8 олунньу 1936({{padleft:1936|4|0}}-{{padleft:2|2|0}}-{{padleft:8|2|0}})
Төрөөбүт сирэ
Өлбүт күнэ-дьыла 14 олунньу 1995({{padleft:1995|4|0}}-{{padleft:2|2|0}}-{{padleft:14|2|0}}) (59 сааһыгар)
Өлбүт сирэ
Гражданство ССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС
Идэтэ дулгаан поэтессата
Айымньыларын тыла Долгаан тыла
Наҕараадалара
Бочуот знаага

Огдуо Аксенова (Аксенова Евдокия Егоровна) (Боганида — Дудинка) — дулгаан бэйээтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччи.

Олоҕун олуктара

Хоһооннору оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн суруйар этэ. «Павел Чуприн» диэн 1956 сыллаахха «Советский Тай­мыр» хаһыакка бэчээттэммит кэпсээнин иһин бириэмийэ ылбыта.

Попигаайга Огдо култуура үлэһитэ буолбута. 1967 сыллаахха Огдуо «Бочуот Знаага» уордьанынан наҕараадаламмыта.

1969 сыллаахха «Заполярная правда» диэн Норильскай хаһыата Валерия Кравец тылбааһыгар Аксёнова бастакы хоһоонноро тахсыбыттара. Ол кэнниттэн хоһооннорун ол саҕана наһаа элбэх тираажтаах «Работ­ница» сурунаалга бэчээттээбиттэрэ.

Кэлин Аксёнова хоһооннорун уонна дулгаан остуоруйаларын дулгаанныы таһаартарар санааламмыта. Оннук Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар 1973 сыллаахха «Бараксан» диэн кинигэтэ тахсыбыта.

Иккис кинигэтин бүүс-бүтүннүү ырыаҕа анаабыта. «Песни долган» диэн кинигэтигэр дулгаан ырыаларын Красноярскай композитора Леонид Масленников нуоталаан таһаарбыта.

1977 сыллаахха Аксёнова Москубаҕа Литэрэтиирэ үрдүкү кууруһугар киирбитэ.

Библиография

  • Бараксан (1973)
  • Тыатаатыкаан: конооннор (1979)
  • Тундровичок: стихи: перевод с долганского (1979)
  • Дулгааттар букварьдара (1984)
  • Бэсэлээ буквалар (1990)