Радлов Василий Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Фридрих Вильгельм (Василий Васильевич) Радлов

Василий Васильевич (Фридрих Вильгельм) Радлов (ниэм. Friedrich Wilhelm Radloff) — востоковед-тюрколог, академик, аан дойду түүр тылын чинчийиитигэр саҥа хайысханы арыйан төрүттээччи. РАН Азиатскай музейын салайаачыта (1894-1948). 1837 сыллаахха тохсунньу 17 (тохсунньу 5) күнүгэр Берлиҥҥэ төрөөбүт (өлбүт сыла 1918).

1858 с. Берлиннээҕи университеты бүтэрэн, Санкт-Петербурга кэлэн олохсуйбута. 60 сыл устата Россияҕа олорон түүр тылын чинчийиинэн дьарыктаммыта.

Л.Я.Штернберг бэлиэтииринэн, түүр тылын чинчийиигэ, Арҕааҥҥы Сибиир, Алтай уонна Орто Азия омуктарын олохторун-дьаһахтарын үөрэтиигэ саҥа көрүүлэри киллэрбит киһинэн буолар.

Радлов көҕүлээһининэн Орто уонна Илин Азияны үөрэтэр Нуучча кэмитиэтэ тэриллибитэ. 10 сыл радлов Сибииргэ алтаайга уонна Туркестааҥҥа экспедициялары тэрийэн илдьэ сылдьыбыта. 1891 сыллаахха Монголияҕа Орхон экспедициятны тэрийэн илдьэ сылдьыбыта, 1898 сыллаахха - Тураан экспедицията диэн ааттаммыт айаҥҥа сылдьыбыта (Арҕаа Кытайга). «Образцы народной литературы тюркских племен» диэн ааттаах сүдү хомуурунньук ааптара.

Түүр тылларын тэҥнээн, историяларын ырытан үөрэтиини саҕалааччылартан биирдэстэрэ. В. Томсены кытта былыргы түүр суругун - Орхон бичиктэрин аахпыта. Саха тылын үөрэтэн, нал үлэни суруйбута. Ол үлэтигэр 1748 тыл төрдүн көрдөрбүтэ, ол тыллартан 1/3 түүр омук гиэнэ диэбитэ, 1/3 - монгуол тылларыгар дьүөрэлээбитэ, 1/3 чааһын кыайан быһаарбатаҕа.

Үөрэммитим тухары Төһө-эмэ сөбүлүүрүм
Үгүс ахан Сүтэн-охтон биэрбэт
Үчүгэйкээн бэйэлээх Сөптөөх бэлиэтэ буоллун
Үлэлэргиттэн диэн,
Үлүһүйбүт курдук Сүрүннээн туран,
Өйбөр түһэрээри Түүйэ да көрөргө,
Үөрэппэхтии түһэн баран, Сөҕө да саныырга
Түс-бас санаа салааларын, Төрдүттэн түктэри
Түмүк түмүктэрин Төрүт илэм сыыһын
Сүрэхпинэ-быарбынан бэлэхтиибин.

С.А.Новгородов

Кини суруйбут үгүс үлэлэриттэн: "Фонетика северных тюркских языков", "Образцы народной литературы тюрских племен", "Опыт словаря тюрских наречий" о.д.а. чуолаан бэлиэтииллэр.

О.Н.Бетлингк үлэтигэр тирэҕирэн немец тылынан "Якутский язык в его отношениях к другим тюркским языкам" диэн саха тылын бастакы историческай грамматикатын суруйбута.

С.А.Новгородов ситимнэммит алфавита "Радловскай түмсүүгэ" үрдүк биһирэбили, өйөбүлү ылбыта.