1961 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1957 1958 1959 1960 — 1961 — 1962 1963 1964 1965
Уоннуу сыллар
1930-с 1940-с 1950-с — 1960-с — 1970-с 1980-с 1990-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1961 сыл.

Туох буолбута

Чопчуланыахтаах

  • Литературовед Арфо Петросян "Споры о наследстве" диэн Москубаҕа тахсар "Знамя" сурунаалга ыстатыйатыгар[1] Георгий Башарин "О трех реалистах-просветителях" үлэтин хайҕаабыт, литэрэтиирэ нэһилиэстибэтин тула туһата суох мөккүөрү тохтотон, ол нэһилиэстибэни чинчийэр уолдьаста диэбит. Бу ыстатыйаттан эр ылан Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап уонна Иннокентий Эртюков Петросяҥҥа уонна сурунаал тутаах эрэдээктэригэр В. Кожевниковка сурук суруйбуттар, онно саха литэрэтиирэтин кылаассыктарын ааххайбат буолуу литэрэтиирэ сайдыытын атахтыырын эппиттэр. Ол эрээри утарылаһааччылар уурайбатахтара, Саха сиринээҕи обкуом "По ленинскому пути" диэн сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр Аветисян ыстатыйатын научнай сыаннаһын саарбахтыыр ыстатыйаны таһаарбыттара.

Тохсунньу

Муус устар

  • Муус устар 1 — РСФСР Педагогика билимигэр акадьыамыйатын Төрүт оскуолаларын чинчийэр институтун Саха сиринээҕи филиала аһыллыбыт. Кэлин бу тэрилтэҕэ олоҕуран СӨ Төрүт оскуолаларын института тэриллибитэ.
  • Муус устар 12 — Юрий Гагарин аан дойдуга бастакынан космоска көппүт.
  • Муус устар 26 — «Саха тылын орфографиятын быраабылаларын» бырайыага «Социалистическая Якутия» хаһыакка бэчээттэммит.

Кулун тутар

Алтынньы

  • Алтынньы 17ССКП XXII сийиэһигэр 1980 сылга диэри ССРС-ка хомуньуустуу уопсастыбаны тутар туһунан сорук туруоруллубут. Хрущев дакылаатыгар Сталин буруйун туһунан эмиэ этиммит, бу кэнниттэн Сталин өлүгүн мавзолейтан таһаарбыттара, дойдуга Сталин аатынан урукку сылларга ааттаммыт нэһилиэнньэлээх пууннартан, уулуссалартан, тэрилтэлэртэн кини аатын суох гыммыттара.
  • Алтынньы 30 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны ССРС дэлби тэптэрбит. 58-мегатонналаах водороднай бомба («Царь-бомба») Саҥа Сир арыытыгар дэлби тэптэриллибит. Санаттахха ол арыыга уруккуттан олохтоох дьураак (ненец) омуктары күүс өттүнэн көһөрөн кэбиспиттэрэ, билигин да төннө сатыыллар.
  • Алтынньы 31Иосиф Сталин өлүгэ Кыһыл болуоссакка баар мавзолейтан таһаарыллыбыт уонна Кириэмил эркинин анныгар көмүллүбүт. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта: Сталинград Волгоград буолбута, Сталинабад — Душанбе, дойду үрдүнэн Сталин мэҥэ таастарын көтүрбүттэрэ.

Сэтинньи

  • Сэтинньи 8 — "Көрдөөхтөр уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара" — КВН («Клуб весёлых и находчивых») программа аан бастаан эпииргэ тахсыбыт.
  • Сэтинньи 10 — Сталинград аата уларыйан Волгоград буолбут. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта.

Ахсынньы

  • Фидель Кастро бэйэтин марксист-ленинец диэн ааттаммыт уонна Кууба хомуньууһуму ылынарын биллэрбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  1. Петросян А.А. Споры о наследстве // Знамя. 1961. №8. 206-210 с.