Эртюков Иннокентий Илларионович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Иннокентий Эртюков
Төрөөбүт күнэ: 24 сэтинньи 1916({{padleft:1916|4|0}}-{{padleft:11|2|0}}-{{padleft:24|2|0}})
Төрөөбүт сирэ: Тыараһа нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа
Өлбүт күнэ: 6 бэс ыйын 1991({{padleft:1991|4|0}}-{{padleft:6|2|0}}-{{padleft:6|2|0}}) (74 сааһыгар)
Дойдута:

Россия империята, ССРС

Дьарыга: поэт, тылбаасчыт
Айымньыларын тыла: саха
Наҕараадалара:
Орден Красной Звезды  — 1945 «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл — 1944

Эртюков Иннокентий Илларионович (24.11.1916, Тыараһа нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа — 06.06.1991) — бэйиэт, тылбаасчыт, суруналыыс.

Олоҕун олуктара

  • 1916 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр Таатта улууһугар Тыараһа нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.
  • 1940 с. — Дьокуускайдааҕы учуутал институтун бүтэрбит. Аармыйаҕа барыан иннинэ Токко оройуонун Уолбут оскуолатыгар учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбит.
  • 1942 с. Өлүөхүмэ оройуонун военкоматынан Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Гвардия младшай сержана, радиотелеграфист. Румынияны, Болгарияны, Венгрияны уонна Австрияны босхолооһун кыргыһыыларыгар кыттыбыт. Кыайыы күнүн Берлиҥҥэ көрсүбүт.
Сэрииттэн кэлэн баран үлэлээбит сирдэрэ
Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһата, эрэдээктэр
«Эдэр коммунист» хаһыат, эрэдээктэр солбуйааччыта
Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун Салалтата, эппиэттээх сэкирэтээр
«Бэлэм буол» хаһыат редакцията, эппиэттээх сэкирэтээр
«Хотугу сулус» сурунаал редакцията, литературнай сотрудник
  • 1945 сылтан — ССКП чилиэнэ.
  • 1950 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Айар үлэтэ

Айымньылара 1937 сылтан бэчээттэммиттэр. Саха тылыгар Валентин Катаев «Сын полка» сэһэнин, Самуил Маршак хоһооннорун, Сергей Аксаков «Аленький цветочек» остуоруйатын тылбаастаабыт.

Библиография

  • Талыллыбыт хоооннор. — Дь., 1967
  • Сир оҕолорго. Хоhооннор. — Дь., 1980
  • Кыыллар. Хоhооннор. — Дь., 1986
  • Кыыллар. Хоhооннор. — Дь., 1990
  • Таймаз Сэмэнин сэhэнэ. Хоhооннор. — Дь., 1994

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Кыһыл Сулус уордьана (13.10.1945)[1]
  • Икки «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан
  • Мэтээллэр: «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» (21.12.1944)[2]

Быһаарыылар

  1. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  2. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Сигэлэр

Дьон алпаабытынан