Аан дойду Баана

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халыып:Infobox organization Аан дойду Баана (ааҥл. World Bank, нууч. Всемирный банк) - ХНТ иһинэн тэриллибит аналлаах тэрилтэ. Бреттон-Вууд кэмпириэнсийэтигэр сэрии кэннинээҕи урусхаллааһыны суох оҥорууга анаан тэриллибитэ. Аан дойду сайдыытын сүрүн үнүстүүтүнэн ааҕыллар[1].

Биэс салаалаах: Аан дойду сайдыытын Ассоциацията, Аан дойду Үбүн корпорацията, Инвестицияны хааччыйыы Агенствота уонна Инвестицияҕа мөккүөр быһаарыытын аан дойдутааҕы киинэ.

Аан дойду сайдыытын Ассоциацията (1960 с. олохтоммут) - дьадаҥы дойдуларга бырыһыана суох сууда биэрэр. Аан дойду Үбүн корпорацията (1956 с. олохтоммут) - сайдар дойдулар урбаанньыттарыгар займ биэрэр. Инвестицияны хааччыйыы Агенствота (1985 с. олохтоммут) - атын дойдуттан инвестицияны хааччыйар судаарыстыбалар уонна чааһынай дьон агенстволарын өйүүр. Инвестицияҕа мөккүөр быһаарыытын аан дойдутааҕы киинэ - МБРР-ы мөккүөрдэртэн быыһаары 1966 с. тэриллибитэ.

Быһаарыылар

  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель