Попов Гавриил Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Попов Гавриил Васильевич

Попов Гавриил Васильевич (19.09.1930—04.03.2007) — саха тылын-өһүн төрдүн чинчийбит учуонай, бастакы саха тылын этимологиятын тылдьытын ааптара, филология билимин хандьыдаата, кыраайы үөрэтээччи.

Эдьигээн уонна Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларыгар үлэлээбит. Ол саҕана киниэхэ М. Е. Николаев — Саха Республикатын бастакы президена, Р. М. Дмитриев — көҥүл тустууга Олимп ооньууларын чемпиона, С. Н. Назаров — араас сылларга СР солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, Ис дьыала уонна тутуу миниистирэ, И. Е. Алексеев — Хомус Уйбаан — филология билимин доктора, 11 үөрэх кандидата уо. д. а. үөрэммиттэрэ.

1972 с. Тыл, литература уонна история Институтугар үлэлиир. 1983 сыллаахха «Слова „неизвестного происхождения“ якутского языка (сравнительно-историческое исследование)» диэн ааттаах диссертацияны тибет уо. д. а.) буолаллар эбит. Иннэ гынан билигин тылбыт 9 % эрэ биллибэт төрүттээх эбит. Ол хайа баҕар омук тылыгар биллэр кээмэй эбит. Иннэ гынан, Г. В. Попов кэтээн-ырытан көрүүтэ саха тылын үөрэтиитигэр боччумнаах кылааты киллэрбит.

1972 с. «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар» үлэлиир. Саха тылын үс мөлүйүөннээх академическэй картотекатын оҥорууга кыттыбыта. Попов Г. В. саха тылын маҥнайгы «этимология» (тыллар суолталарын-төрүттэрин быһаарар) тылдьыта тахсыбыт.

Г. В. Попов маны таһынан кыраайы үөрэтээччи быһыытынан биллэр. Үлэтин бу өрүтун түмүгүнэн маннык кинигэлэр тахсыбыттара: «Хантан хааннаахпытый?» (1994), «Манчаары Баhылай. Ырыалар-тойуктар», (1994), «Алтан, Моорук, Тараҕай нэhилиэктэрин төрүттэрэ» (1998), «Дьүлэй Бүөкээн. Билбит көрбүт. Чабырҕахтар» (1999). «Манчаары Баhылай. Ырыалар-тойуктар» кинигэҕэ Попов саха омук биир биллэр киһитин Манчаары Баһылайы биллэр ырыаһыт, тойуксут курдук суруйбут уонна ырыаларын-хоһооннорун бу диэн быһаарбыт эбит. «Дьүлэй Бүөкээн. Билбит көрбүт. Чабырҕахтар» кинигэҕэ кини Дьүлэй Бүөкээн диэн киһи чабырҕахтарын архыыптан хомуйан ылан сааһылаан, сорох тылларын быһааран биэрбит уонна аан тылы суруйбут. «Хантан хааннаахпытый?» диэн кинигэтигэр саха маҥнайгы суруйааччыларын төрдүлэрин ырыппыт.

Попов Г. В. — 9 монография, кинигэ, учебник уонна 260 ыстатыйа ааптара.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ
  • Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо

Библиография

  • Манчаары Баhылай. Ырыалар-тойуктар / Хомуйан онордо Г. В. Попов. — Дьокуускай: Бичик, 1994. — 144 с.
  • Саха тылын быhаарыылаах кылгас тылдьыта. — Дьокуускай: Бичик, 1994. — 264 с.
  • Хантан хааннаахпытый? (Саха народнай суруйааччыларын төрүттэрэ). — Дьокуускай: Бичик, 1994. — 144 с.
  • Кулаковскай А. Ырыа-хоhоон: Орто уонна улахан саастаах оскуола о5олоругар / Хомуйан онордулар Г. В. Попов, Н. З. Копырин. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1986. — 136 с.
  • Саха фольклора: Хрестоматия / Хомуйан онордулар Г. В. Попов, П. Н. Дмитриев. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1986. — 136 с.
  • Слова «неизвестного происхождения» якутского языка: Сравнительно — историческое исследование. — Якутск, 1986. — 148 с.
  • Гайдар А. Чук уонна Гек / Г. В. Попов тылб. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1985. — 56 с.
  • * *
  • Лиэпчикэптэр; Саха бөдөҥ прозаига [Дмитрий Таас] // «Чолбон». — 1999. — № 9. — С. 61—64, 71—72.
  • Манньыаттаах хайдах байбытай? // Республика бүттүүнэ. — 1999. — Сэтинньи 12 к. — С. 5.
  • Г. В. Ксенофонтов этнограф-художник быhыытынан // «Илин». — 1998. — № 1. — С. 12—14.
  • Саха баайдара // «Чолбон». — 1998. — № 7. — С. 76—84 .
  • Тон Суорун (Иннокентий Иванович Бурнашев) төрөөбүтэ 130 сылыгар // «Чолбон». — 1998. — № 10. — С. 88—89.
  • В. В. Никифоров уонна кини Мэнэ-Хаҥаластан доҕотторо (революция иннинээҕи кэм) // В. В. Никифоров (Күлүмнүүр) — человек и личность: Материалы науч-практ. конф…. — Якутск, 1997. — С. 96—105.
  • «Далан киhитэ» аатырбытым // Чолбон. — 1997. — № 4. — С. 84—86.
  • Ийэ. Аҕа; Убай. Быраат; Сыган. Сурус // Чолбон. — 1997. — № 2. — С. 82—83, № 6. — С. 83—84; Чолбон. — 1998. — № 5. С. 86—87.
  • Олоҕу дириҥник көрдөрөр роман: [Далан \Тыгын Дархана"] // «Чолбон». — 1997. — № 11. — С. 84—85.
  • Өксөкүлээх Өлөксөй төрдө—ууhа // Чолбон. — 1990. — № 7. — С. 101—104.
  • Кэрэ кэпсээннээх: [Багдарыын Сүлбэ топонимикаҕа үлэлэрэ] // «Хотугу сулус». — 1986. — № 7. — С. 103—104.
  • Учебник автора [[[Суорун Омоллоон]] 80 сааhыгар] // «Хотугу сулус». — 1986. — № 9. — С. 102—103.
  • * *
  • 70 лет со дня рождения П. А. Слепцова; 80 лет со дня рождения Н. К. Антонова // Якутия. — 1999: Календарь знаменат. и памят. дат. — Якутск, 1999. — С. 47—53, 92—97.
  • Вклад Марека Стаховского в изучение исторического вокализма якутского языка // Поляки в Якутии: Материалы науч.—практ. конф. Якутск, 19 сент. 1997 г. — Якутск, 1998. — С. 98—100.
  • 60 лет со дня рождения П. Н. Дмитриева; 70 лет со дня рождения И. М. Сосина // Якутия — 1998: Календарь знаменат. и памят. дат. — Якутск, 1997. — С. 49—52, 78—81; Чолбон. — 1998. — № 6. — С. 83—84; N 12. — С. 80—81.
  • Древняя Амга; Кюннюк Урастыров; Амма былыргы үhүйээннэрэ уонна кэпсээннэрэ // Амгинский улус: История. Культура. Фольклор. — Якутск, 1997. — С. 19—26, 147—151, 246—247.
  • История одной родословной // «Полярная звезда». — 1997. — N 2. — С. 67—69. — Соавт. Н. Ефремов.
  • Проблемы источников «Этимологического словаря якутского языка» // Якутский язык: семантика, фразеология: Сб. науч. тр. — Якутск, 1991. — С. 69—80.
  • Лексика монгольского происхождения в якутском языке (язык—источник) // Якутский язык: лексикология, лексикография: Сб. науч. тр. — Якутск, 1989. — С. 43—51.
  • О типе общих двуязычных словарей; Основные принципы составления «Этимологического словаря якутского языка» // Якутский язык: лексика, семантика: Сб. науч. тр. — Якутск, 1987. — С. 45—50, 70—79.
  • П. А. Ойунский и вопросы терминообразования // Якутский язык: история и актуальные вопросы. — 1986. — С. 122—128.
  • Об этимологии некоторых терминов шаманизма // Мифология народов Якутии: Сб. науч. тр. — Якутск, 1980. — С. 59—62.
  • О словах тунгусо—маньчжурского происхождения в якутском языке // Актуальные вопросы лексикологии и лексикографии: Сб. науч. тр. — Якутск, 1980. — С. 115—122.
  • О терминах, обозначающих страны света в якутском языке // Якутский филологический сборник: Сб. науч. тр. — Якутск, 1976. — С. 83—95.
  • * *
  • Багдарыын Сүлбэ. Тыл төрдүн чинчийээччи // «Кыым». — 1990. — Сэтинньи 22 к. — С. 4.
  • Баҕ5атаайыскай Р. Төрүт тыл төhүү үлэhитэ // «Сахаада». — 1995. — Балаҕан ыйын 14 к. — С. 10.
  • Иванов М. Тус бэйэ библиотеката // «Кыым». — 1982. — Кулун тутар 18 к.
  • Попов С. А. Тыл төрдүн үөрэтээччи // «Эдэр коммунист». — 1983. — Олунньу 27 к.
  • Сосин И. Амынньыкы: Сэhэн // «Чолбон». — 1997. — № 9. — С. 27—28.
  • Убрятова Е. И. Изучение тюркских языков Сибири (1981—1985 гг.) // «Сов. тюркология». — 1987. — № 1. — С. 87.
  • Убрятова Е. И. Историческая грамматика якутского языка. — Якутск, 1985. — С. 6—7.
  • * *
  • Ученые-исследователи института языка, литературы и истории: Биоблиогр. справ. / Сост. П. И. Докторов. — Якутск, 1995. — С. 173—174.

Сигэлэр

Туһаныллыбыт сир