Кейметинов Василий Спиридонович - Баргачан
Кейметинов Василий Спиридонович — Баргачан (12.01.1941- 26.08.2020) — эбээн поэта, суруйааччыта, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата.
Олоҕун олуктара
- 1941 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр уруккута Саккырыыр, билиҥҥинэн Кэбээйи улууһун Ламыҥха нэһилиэгэр төрөөбүт[1].
- Оскуоланы бүтэрээт, Тихоокеанскай флотка сулууспалаабыт.
- 1968 с. — А. И. Герцен аатынан Ленинградтааҕы государственнай педагогическай институт Хотугу норуоттар факультеттарын бүтэрбит.
- 1960—1967 сс. — Сэбээн Күөл орто оскуолатын директорынан ананан улэлээбит[2].
Национальнай оскуолалар Институттарыгар младшай научнай үлэһит.
- 1974 сылтан — Томпо улууһун Тополинскай орто оскуолатыгар эбээн тылын уонна литературатын учуутала.
- 1992 с. — Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Дьиэ кэргэнэ, аймахтара
- А. Д. Кейметинова — кэргэнэ[3].
Оҕолоро: икки кыыс.
- Ольга Кейметинова-Ултургашева — кыыһа[4], Кембридж университетын Скотт аатынан полярнай чинчийиилэр Институттарын бүтэрбит.
- Ултургашев Саян Анатольевич — күтүөтэ[4], саха балетын солиһа.
Айар үлэтэ
Айар үлэҕэ тардыһыыбар аҕам улахан өҥөлөөх. Ол курдук, оҕо эрдэхпиттэн аҕам уустаан-ураннаан араас кэпсээннэри, былыргы сэһэннэри киһи истэн олоруох курдук ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсиирэ эппэр-хааммар иҥэн хаалбыт. Тугу истибиппин доҕотторбор, эмиэ аҕам курдук, киһини тардар тылынан, төһө кыалларынан эбэн-сабан сороҕор, уларытан да буолуо, кэпсиир этим.
Үөрэнэр кэммэр уус-уран айымньыны кытта билсиим, иҥэн-тоҥон үөрэтиим Пушкин остуоруйаларыттан саҕаламмыта диэтэхпинэ омуннааһын буолуо суоҕа.
Хоһооннорбун хаста-хаста көннөрөрбүн бэйэм да билбэппин. Хоһооҥҥо бэйэ санаатын толору биэрии, ааҕааччыга тиэрдии элбэх сыраны, күүһү-күдэҕи эрэйэр.
Платон Ламутскай айар литературнай куруһуогар сылдьыым айар үлэбэр тирэх буолбута. Ол курдук уус-уран тыл күүһүгэр ылларан, бэйэм суруйарга холонорбор үктэл уурбута. Төһө да хоһооннорум сиппэтэх-хоппотох буолбуттарын иһин, мин айар үлэҕэ киирэрбэр улахан оскуолам буолбуттара саарбаҕа суох. Билигин санаан көрдөххө, айар үлэҕэ хардыылааһын бастакы араскыта силиһин тардыыта хас бирдии хоһооҥҥо, инникитин ким буоларгын быһаарар оруоллаах диэн саныыбын. <…>Хоһооннорум бэчээккэ тахсалларын ааҕа-ааҕа өссө даҕаны тыл-өс тиийбэтин, суруйар санаабын кыайан эппэппин өйдөөбүтүм. Ол иһин элбэхтик ааҕар, ону таһынан суруйарбар тыл күүһүн, уобарастаан этиини туттарга күүскэ үлэлэспитим.— Василий Кейметинов — Баргачан ахтыыларыттан[3]
Бастакы хоһоонноро 1959 сыллаахха, Ленинградка үөрэнэр кэмигэр, бэчээттэммиттэр[5].
Ол кэнниттэн айымньылара 1965 сыллаахха «Поэты Севера» уонна «Снежное пламя» хомуурунньуктарга киирэн бэчээттэммиттэр. Хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Оран Потын» («Таба суола») Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыттан эбээннии тылынан 1982 сыллаахха бэчээттэнэн күн сирин көрбүт.
Баргачан хоһоонноро, тылбаастанан, «Полярная звезда», «На Севере Дальнем», «Дальний Восток», «Магаданский оленевод», «Север» сурунаалларга бэчээттэммиттэр.
Кэлин сылларга прозаҕа киирсэн, «Олох номоҕо» диэн сэһэни суруйда. Ол нууччалыы тылынан "Полярная звезда" сурунаалга бэчээттэммит.
Оскуола үөрэҕин, V—X кылаастарга анаан эбээн тылынан ааҕар кинигэлэр ааптардара. Кини киниэлэринэн Саха Сирин таһынан, Магадан уобалаһын, Хабаровскай кыраай, Чукотка автономнай уокурук уонна Камчатка эбээн оҕолоро үөрэнэллэр.
Баргачан — төрөөбүт тылын, культуратын, эбээн фольклорун, историятын тарҕатааччы. Өр сылларга норуот тылынан уус-уран айымньытын дьаныһан туран хомуйбут.
Үһүйээннэргэ олоҕуран "Эдьэк" диэн поэманы суруйбут. Ону нууччалыы ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата А. Преловскай тылбаастаабыт.[1]
Василий Кейметинов — Баргачан «Ураһаҕа төрөөбүтүм»[3] хоһооно:
Кылбачыйар кыраһалаах |
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- В. Д. Лебедев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэтин лауреата[6] (2012)
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Национальнай библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:«Ураһаҕа төрөөбүт поэт»
- ↑ МБОУ "Себян-Кюельская НЭСОШ:Информация о школе
- ↑ 3,0 3,1 3,2 Национальнай библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:«Этигэр-хааныгар иҥпит идэтинэн»
- ↑ 4,0 4,1 SakhaLife:Василий Кейметинов приземлился в аэропорту Хитроу
- ↑ Национальнай библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:«И пусть конца не будет у дороги…»
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Лауреаты премий
Сигэлэр
- Биографический интернет-справочник якутской литературы:Писатели Якутии:Василий Кейметинов — Баргачан
- Национальнай библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:«И пусть конца не будет у дороги…»
- Национальнай библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:«Ураһаҕа төрөөбүт поэт»
- МБОУ "Себян-Кюельская НЭСОШ:Информация о школе
- Официальный сайт Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия):Депутаты Ил Тумэна поздравили с 70-летним юбилеем В.С. Кейметинова — Баргачана