1904 сыл
Сыллар |
---|
1900 1901 1902 1903 — 1904 — 1905 1906 1907 1908 |
Уоннуу сыллар |
1870-с 1880-с 1890-с — 1900-с — 1910-с 1920-с 1930-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1904 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 17 — Москубаҕа МХАТ тыйаатырыгар Антон Чехов пьесатынан «Вишня сада» испиктээкил аан бастаан туруоруллубут.
Олунньу
- Мончууруйа уонна Кэриэйэ тустарыгар сэрии саҕалыырга быһаарыллыбыт.
- Олунньу 8 — Араҕас байҕал кытылыгар баар Порт-Артур (билигин Далянь куоратын сирэ) тас эриэйдигэр турар Арассыыйа эскээдэрэтигэр дьоппуоннар соһуччу саба түспүттэр. Арассыыйа-Дьоппуон сэриитэ саҕаламмыт.
- Нуучча-Дьоппуон сэриитэ: Порт-Артур аттынааҕы кыргыһыы түмүктэммит.
- Олунньу 18 — «Романовка» саҕаланыыта — 42 политическэй сыылынай Дьокуускайга икки этээстээх мас дьиэҕэ хатанан баран былааска көскө ыытыллыбыт дьон усулуобуйаларын тупсарыыны ирдиир ультиматум түһэрбиттэр. Кулун тутар ый саҕаланыытыгар бырачыастааччылар 57 буолбуттар (ол иһигэр сэттэ дьахтар). 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт. Кулун тутар 7 күнүгэр бэриммиттэр. Бу түбэлтэ аан дойдуга иһиллибитэ.
От ыйа
- Сибиир Улуу суолун (Транссиб) 13 сыллаах тутуута түмүктэммит — Миасстан Владивостокка диэри. Тимир суол эписсээнэй аһыллыыта эһиилигэр тохсунньу 1 күнүгэр буолбута.
Атырдьах ыйа
- Порт-Артурга төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит хараабыллары быыһыы баран испит «Рюрик» крейсер тимирдиллибит. Бу крейсергэ аҕабыытынан Халыматтан төрүттээх Василий Оконешников сулууспалыы сылдьыбыта, кыргыһыыга хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Дьоппуоннарга билиэн түбэһэн баран байыаннай буолбатаҕынан босхоломмута, Петербурга тиийэн сэбилэнии итэҕэстэрин кэпсээбитэ, көмүс биһилэҕинэн наҕараадаламмыта. Кэлин Томскайга духуобунай училищеҕа учууталлаабыта.
Алтынньы
- Алтынньы 13 — Дойдулар ардыларынааҕы меридианнарга конференция Лондоҥҥа баар Гринвич обсерваториятын меридиана нулевой буоларыгар быһаарбыт.
- Алтынньы 13 — Зигмунд Фрейд «Түүлү анаарыыта» (The Interpretation of Dreams) бэчээккэ тахсыбыт.
- Алтынньы 15 — Арассыыйа импиэрийэтин Чуумпу Далайдааҕы иккис эскадрата Ревелтэн (Таллин) Порт-Артурга аттаммыт. Бу эскадра Цусиматааҕы кыргыһыыга (1905) бүүс-бүтүннүү кэриэтэ урусхалламмыта.
Төрөөбүттэр
- Валерий Чкалов — сэбиэскэй көтөр аалы тургутааччы лүөччүк, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Олунньу 22 — Местников Тарас Павлович (1904—1957), саха норуодунай артыыһа.
- Кулун тутар 12 — Бороҕон улууһун Бастакы Курбуһах нэһилэгэр (билигин Уус-Алдан улууһугар киирэр) Иннокентий Пухов, филология билимин хандьыдаата.
- Муус устар 3 — Ришес Любовь Давыдовна (1904—1971) — тыл билимин хандьыдаата, тунгусовед.
- Борис Долгих Ригаҕа төрөөбүт (ө. 31.12.1971, Москуба).
- Бэс ыйын 11 — Тыаһыт, Николай Николаевич Павлов, репрессияҕа түбэһэн өр сылларга умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэмҥээҕи саха суруйааччыта.
- Атырдьах ыйын 7 — Сидорова Софья Петровна, 1938—1947 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Алтынньы 29 — Шараборин Христофор Прокопьевич, сэбиэт уонна партия диэйэтэлэ.
- Ахсынньы 29 — Эллэй Кулачиков Серафим Романович, саха норуодунай поэта.
Өлбүттэр
- От ыйын 15 — Антон Чехов, Арассыыйа суруйааччыта
Бырааһынньыктар уонна бэлиэ күннэр
- Бэс ыйын 16 — Блуум күнэ (Bloomsday). Бу күнү Ирландия суруйааччыта Джеймс Джойс аатырбыт «Улисс» романыгар ойуулаабыт.