Аргунов Савва Федорович
Савва Федорович Аргунов (1904, Хаптаҕай — 1986, Хара нэһилиэгэ) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, холкуос, сопхуос үлэһитэ.
Олоҕун олуктара
Савва Аргунов 1904 сыллаахха Хаптаҕайга төрөөбүт.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр быраатын Петры 1941 сыллаахха, онтон Савваны бэйэтин 1943 сыллаахха ыҥырбыттара. 1943—1944 сылларга байыаннай собуокка үлэлээбит.
Савва сэрииттэн 1943 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Савва Федорович сэрииттэн кэлэн баран «Алаас» холкуос үлэһитэ буолбута.
1970 сыл кэнниттэн Савва Хараҕа, быраатыгар Аргунов Петр Федоровичка олорор этэ. Савва өлүөр диэри, 80-ча сааһыгар, холкуоска, сопхуоска үлэлээбитэ.
Савва Федорович 1986 сыллаахха өлбүтэ[1].