Протопопова Нина Иннокентьевна
Протопопова Нина Иннокентьевна — суруналыыс.
Олоҕун олуктара
- Уотту нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- Саха государственнай университет историяҕа салаатын бүтэрбитэ.
- 1959 с. «Бэлэм буол» хаһыат сэрии кэнниттэн аан бастаан тахсыбыта. Эрэдээксийэҕэ Протопопованы ыҥырбыттара.
- 1961 с., икки сылынан, тутаах эрэдээктэр буолбута.
- 1988 с. хаһыат нууччалыы эмиэ тахсар буолбута. 1992 с. «Учуутал аргыһа» диэн икки тылынан тахсар хаһыат баар буолбута[1].
Билигин урукку пионер хаһыаттара «Юность Севера» диэн аатынан тахсаллар.
Кинигэлэрэ
- Долгун курдук куугунаан... (Саха Сирин пионерскай тэрилтэтин 1924—1927 сыллардааҕы историятыттан). Н. Протопопова, М. Дьячковская, Н. Дмитриев. — Дьокуускай:Кинигэ кыһата, 1982.
- Оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт. Н. Протопопова, Н. Дмитриев. — Дьокуускай:Кинигэ кыһата, 1984.
- Тимур сулустара (Саха сирин пионерскай тэрилтэтин 1937—1945 сыллардааҕы историятыттан). Н. Протопопова, Н. Дмитриев. — Дьокуускай:Кинигэ кыһата, 1985.
- Айыы Далбар Хотуна (үс кинигэлээх). — Дьокуускай:Бичик, 1999—2003.
- Эдьиий Дора. — Дьокуускай:Бичик, 2002.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- "Бочуот Знага" уордьан
- Норуот доҕордоһууларын уордьана
- РСФСР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна
- Дьокуускай куорат Ытык гражданина (1996)[2]
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин журналистикаҕа лауреата
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2008)[3]
Быһаарыылар
- ↑ Якутия — 2007. Календарь памятных дат. Дьокуускай, 2007
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Почетные граждане Городского округа «Якутск»
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Почетные граждане Республики Саха (Якутия)
Өссө маны көр
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина