Серкина Александра Васильевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Александра Васильевна Серкина (профессор, Иркутскайдааҕы государственнай медицинскэй университет уопсай хирургиятын кафедратын сэбиэдиссэйэ, Ытык гражданина.

Биографията

1936 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медициина техникуумун бүтэрэн баран Орто Халыма оройуонугар ыытыллыбыт. Онно корь ыарыы ыарахан эпидемиятын тохтотууга күүскэ үлэлээбит. Ол үлэтин иһин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ түөскэ кэтиллэр «Саха АССР 15 сыла» диэн бэлиэнэн наҕараадалаабыт.

1944 сыллаахха Иркутскайдааҕы мединституту бүтэрбит. Иркутскай куорат № 1 клиническэй балыыһатыгар хирургия отделенитыгар ординатордаабыт.