Г.А. Эрман экспедицията (1828 - 1830)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Г.А. Эрман экспедицията (1828 - 1830).

Сири эргийэр экспедиция этэ. География өттүнэн широтаны уонна сир магнетизмын чинчийиилээх. Он таһынан геология уонна этнография матарыйааларын эмиэ хомуйбута.

1828 сыллаахха Тюмень куораттан саҕаламмыта.

Маршрута 1828 сыллаахха Березово - Обдорскай - Тара - Томскай - Красноярскай - Иркутскай, онтон 1829 сыллаахха Верхнеудинскай - Селенгинскай - Кяхта. Иркутскайга төннөн баран кыһыҥҥы суолунан Дьокуускайдаабыта, саас Охотскайга тиийэр.

Охотскайтан Ситха уонна Калифорния.

К. Гаусска сир магнетизмын теориятын олохтуурга көмө буолбута.

Сахалар тустарынан ахтыытыгар эмиэ кылгастык суруйан аһарбыт.

Дьокуускайга көскө олорор А.А Бестужев-Марлинскайы кытта көрсүбүт эбит.


Өссө маны көр

  • Путешествия Г. Эрмана по северу Азии (из Якутска в Охотск). — "Северная пчела" хаһыат. 1830. № 149 - 150 .
  • Обручев В.А. Избранные труды. Т. 6. М., 1964.

Ылыллыбыт сирэ

  • Энциклопедия Якутии. Якутск, 2000.