Реформация
Реформация (ниэм. (die) Reformation, ааҥл. (the) Reformation) — протестааннар XVI үйэҕэ туспа таҥара дьиэтэ (сыаркап) төрүттээн католицизмтан арахсыылара.
1517 с. Мартин Лютер 95 тезиһын Виттенберг таҥаратын дьиэтин ааныгар ыйаабытыттан саҕаланар диэн ааҕыллар. Сотору кэминэн Хотугу Европаҕа протестантизм баһыйар итэҕэл буолбута. Испания уонна Италия эрэ католик дойдуларынан хаалбыттара.