Петров Василий Тимофеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Петров Василий Тимофеевич

Петров Василий Тимофеевич (1939—1991) — саха учуонай, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, фольклорист, литературовед.

Олоҕун олуктара

  • 1939 сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр учууталлар ыалларыгар төрөөбүт.
  • 1960 сыллардаахха Өлүөхүмэ улууһугар Чаара оскуолатын учуутала.
  • 1964—1966 сыллардаахха комсомол үлэтигэр.
  • 1966—1967 сыллардаахха Саха Национальнай библиотекатыгар учуонай сэкрэтээр.
  • 1967 сылтан Дьокуускайга Тыл, литература уонна история институтун наука сотруднига.
  • 1963 сыллаахха СГУ тыл үөрэҕин факультетын бүтэрбитэ.
  • 1965—1969 сыллардаахха ССРС Наукаларын Академиятын Саха сиринээҕи филиалга аспирантураҕа үөрэнэр.
  • 1971 сыллаахха кандидат диссертацияны көмүскүүр, темата «Роль фольклора в зарождении якутской литературы».
  • 1989 сыллаахха ССРС Наукаларын Академиятын Нуучча литературатын институтугар (Пушкинский дом) доктор диссертациятын көмүскүүр, темата «Взаимодействие традиций в младописьменных литературах. Национальный фольклор и русская классика».
  • 1991 сыл ыам ыйын 4 күнүгэр өлбүт.

Петров Василий Тимофеевич — филологический наука доктора. Ньурба орой­уо­нун Маалыкай сэлиэнньэтигэр учуутал кэргэнигэр 1939 сыллаахха атырдьах ыйын 30 күнүгэр төрөөбүтэ. Маалыкай орто оскуолатын бүтэрэн, Саха го­су­дар­ст­вен­най университетыгар үөрэнэ киирбитэ уонна университеты ситиһиилээхтик үөрэ­нэн 1963 сыллаахха бүтэрбитэ. 1963—1967 сс. Өлүөхүмэ оройуонугар бастаан учууталынан, кэлин оройуоннааҕы комсомол комитетын секретарынан үлэлээбитэ. Кини өссө университекка үөрэнэ сылдьан литература уонна фольклор сибээс­тэ­рин проблематынан дьарыктаммыта. Ол үлэтин салҕаары 1965 сыллаахха ССРС Нау­каларын Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Дьокуускайдааҕы филиалын аспи­рана буолбута. 1967 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыл, литература институтугар бас­таан лаборанынан ылыллыбыта, кэлин младшай, старший, 1980 сылтан ведущий науч­най сотруднигынан үлэлээбитэ.

Василий Тимофеевич научнай үлэлэрин сүрүн хайысхатынан Саха бастакы суруйааччылара А. Кулаковскай, Н. Неустроев, А. Софронов айымньылара фольк­ло­ру кытта сибээстэрин, хардары-таары дьайсыыларын, фольклор саха литературата үөс­күү­рүгэр оруолун, фольклор, литература художественнай-эстетическэй си­бээс­тэ­рин, фольклорга олоҕурбут проза, поэзия, драма айымньыларын национальнай сти­лин үөскэтии, саҥа үөскээн, сайдан эрэр литературалар бэйэ бэйэлэригэр дьай­сыыларын, сибээстэрин туһунан буолаллар. Василий Тимофеевич Петров фольк­лор литератураны кытта сибээһин, дьайсыытын дириҥник үөрэппит учуонай.

Василий Тимофеевич 4 монография автора буолар: «Роль фольклора в за­рож­де­нии якутской литературы» (Дьокуускай, 1992 сыл), «Фольклорные традиции в якут­ской советской литературе» (Москва, 1978 сыл), «Традиция эпического по­вест­во­вания в якутской прозе» (Новосибирскай, 1982 сыл), «Взаимодействие традиций в младописьменных литературах» (Новосибирскай, 1987 сыл). «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока» диэн улахан хо­муу­рунньук Саха сиригэр сыһыаннаах өттүн бэлэмнээһиҥҥэ улахан үлэни ыыппыта.

Научнай үлэтин тас өттүгэр Саха государственнай университетыгар фольктор курсугар лекция ааҕара, студеннар сэҥээриилэрин ылара, Учуонай В. Т. Петров норуот көлүөнэттэн келүөнэҕэ салҕаан айбыт, мунньуммуг айымньыта — фольклор туһунан элбэҕи аахпыт, дириҥник үөрэппит биир улахан специалист быһыытынан республикаҕа эрэ буолбакка, атын да дойдуларга тиийэ биллэн испитэ.

Кини научнай үлэлэрин иһин «Россия Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын үтүөлээх ветерана» буолбута. В. Т. Петров наукаҕа ситэн-хотон үлэлиир кэмигэр — 52 эрэ саастааҕар олохтон туораабыта. Бэрт элбэҕи оҥоруоҕа, айыаҕа хааллаҕа диирбитигэр эрэ тиийэбит.

Айымньылара

  • Роль фольклора в зарождении якутской литературы. — Якутск, 1972.
  • Фольклорные традиции в якутской литературе. — М., 1978.
  • Традиции эпического повествования в якутской прозе. Новосибирск. Наука, 1982.
  • Взаимодействие традиций в младописьменных литературах. Национальный фольклор и русская классика. — Новосибирск, 1987.

Сигэлэр