Старостин Михаил Гаврильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Старостин Михаил Гаврильевич — саха худуоһунньуга, график.

Олоҕун олуктара

1959 с. тохсунньу 1 күнүгэр Томпо оройуонугар Хаандыга бөһүөлэгэр төрөөбүтэ.

1973 сыллаахтан Ю. И. Вотяковка, живописец Э. И. Васильевка үөрэммитэ. 1990 с. Красноряскайдааҕы Судаарыстыбаннай уус-уран инстутуутун промышленнай графика салаатын бүтэрбитэ[1]. Манна кинини С. С Ливак, М. Ф Гладунов, С. П. Куликова үөрэппиттэрэ[2].

1990 сылтан 2000 сылга дылы «Бичик» кинигэ кыһатыгар уус-уран эрдээктэрдээбитэ, 2000 сыллаахтан — Арктикатааҕы судаарыстыбаннай культура уонна ускуустуба институтун преподавателэ.

Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһугар 1991 сыллаахха киирбитэ.

Айар үлэтэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын ааптардарыттан биирдэстэрэ.
Станковай графикаҕа, живописька, плакатка уонна кинигэ графикатыгар үлэлиир. Худуоһунньук сахалыы толкуйдааҕа, өйдөөҕө-санаалааҕа, былыргы үһүйээннэри, олоҥхолору билэрэ айымньыларыгар бэриллэр.

Үлэлэрэ
  • Ардаҕы күүтүү (1991)
  • Ойуун (1992)
  • Айанньыт (1996)

Быһаарыылар

  1. Национальный художественный музей Республики Саха (Якутия). Г. Сафронова уонна атыттар. — Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2001
  2. Персональная выставка http://www.sitc.ru/culture/starostin/

Сигэлэр