Дыгын оонньуулара
«Дыгын оонньуулара» — Саха Сирин сыл аайы буолар национальнай спортивнай күрэхтэһиилэрэ. Күрэхтэһиилэр хас да саха төрүт спорт көрүҥнэригэр олоҕураллар: үс төгүл үс, тутум эргиир, мас тардыһыыта, оҕунан ытыы, кыыһы эккирэтии, хапсаҕай уонна тааһы көтөҕүү[1].
Бастакы күрэхтэһии 1990 сылтан Дьокуускай ыһыаҕар ыытыллыбыта. 1995 сылтан бу күрэхтэһии «Дыгын оонньуулара» диэн аатын ылбыта[2].
Устуоруйа
Саха төрүт оонньууларыгар күрэхтэһии Дьокуускай куорат ыһыаҕар 1990 сылтан саҕалаан ыытыллар. Бастакы кыайыылааҕынан Андрей Попов (Амма улууһа) буолбут, 1991 сыллаахха кыайыыны Василий Николаев (Бүлүү) ситиспит. 1992 сыллаахха ыытыллыбатах. 1993 сыллаахха Юрий Эверстов (Нам улууһа), 1994 — Валерий Сивцев (Тулаҕы) кыайбыттар.
1995 сылтан бу күрэхтэһии «Дыгын оонньуулара» диэн аатыран, хас сыл аайы «Туймаада ыһыаҕын» чэрчитинэн ыытыллар (1995 сылтан саҕалаан Дьокуускай ипподромугар, 1998 сылтан «Үс хатыҥ» диэн ыһыахтыыр сиргэ)[3].
Оонньуулар саҕаланыахтарыттан үс төгүллээх чемпионунан Иннокентий Макаров (Чурапчы улууһа) (1995—1997), биэс төгүллээх — Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа)(2016—2019,2021), алта төгүллээх — Николай Дьяконов (Нам улууһа)(1998,2002-2006), сэттэ төгүллээх — Иван Белолюбскай — Күүстээх Уйбаан (Уус-Алдан улууһа)(1999,2007-2012) буолбуттар.
2025 сылтан күрэхтэһиигэ 16 боотур кыттар (12 оннугар)[4].
Тэрийии
Күрэхтэһиигэ 18-тан 40-гар диэри саастаах, мэдэссиинэ көрүүнү ааспыт, спорт разрядыттан уонна олорор сириттэн тутулуга суох кыттар көҥүллэнэр[5].
Дыгын оонньуулара 2025 сылтан үлэлиир быраабыла быһыытынан үс сүүмэрдиир түһүмэхтэн турар, түмүктэринэн кыттааччылар бүтэһиктээх састааптара быһаарыллар[6].
Дыгын оонньууларын көрүҥнэрэ
Оонньуулар торумнарыгар араас кэмҥэ кулун тардыы, бэрэмэдэйдээх сүүрүү о. д. а. көрүҥнэр бааллара.
| Күрэс көрүҥэ | Нормативтар | |
|---|---|---|
| Үс төгүл үс | 3 кылыы, 3 ыстаҥа, 3 куобах | |
| Тутум эргиир | ||
| Хапсаҕай | ||
| Оҕунан ытыы | 35 м | |
| Мас тардыһыыта | ||
| Кыыһы эккирэтии (сүүрүү) | 400 м | |
| Тааһы көтөҕүү | 110 кг | |
Дыгын оонньууларын кыайыылаахтара
| Оонньуулар | Буолбут сыла | Күрэхтэһээччи ахсаана |
# | |||
| Юрий Эверстов (Нам улууһа) | Пётр Давыдов (Эдьигээн улууһа) | |||||
| Пётр Варламов (Нам улууһа) | ||||||
| Петр Матаннанов (Таатта улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Юрий Эверстов (Нам улууһа) | Анатолий Баишев (Амма улууһа) | [7] | ||||
| Анатолий Баишев (Амма улууһа) | Николай Колодко (Нерюнгри) | [7] | ||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | Василий Иванов (Нам улууһа) | |||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | ||||||
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | Борис Сивцев (Нам улууһа) | |||||
| Борис Сивцев (Нам улууһа) | ||||||
| [8][9] | ||||||
| Алексей Кутуков (Нам улууһа) | ||||||
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | Артем Варданян (Нам улууһа) | |||||
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | Артем Варданян (Нам улууһа) | |||||
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | Николай Матаннанов (Таатта улууһа) | |||||
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | Артем Варданян (Нам улууһа) | Леонид Филиппов (Амма улууһа) | ||||
| Леонид Филиппов (Амма улууһа) | Артем Варданян (Нам улууһа) | Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | ||||
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | Николай Матаннанов (Таатта улууһа) | |||||
| Алексей Уваровский (Кэбээйи улууһа) | Николай Матаннанов (Таатта улууһа) | |||||
| Вячеслав Дьяконов (Нам улууһа) | Артем Варданян (Нам улууһа) | |||||
| Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа) | Борис Сдвижков (Амма улууһа) | Артем Дьяконов (Кэбээйи улууһа) | [10] | |||
| Борис Сдвижков (Амма улууһа) | Артем Дьяконов (Кэбээйи улууһа) | Алексей Соколов (Сунтаар улууһа) | [11] | |||
| Артём Дьяконов (Кэбээйи улууһа) | Яков Дмитриев (Кэбээйи улууһа) | Павел Друзьянов (Чурапчы улууһа) | [12] |
Дыгын оонньууларын ситиһиилэрэ
Ордук элбэхтэ кыайбыт боотур
| Боотур | Уопсайа | Хас сыллаахха |
|---|---|---|
| 7 | 1999, 2007, 2008, 2009, 2010, 2011, 2012 | |
| Николай Дьяконов (Нам улууһа) | 6 | 1998, 2002, 2003, 2004, 2005, 2006 |
| Егор Филиппов (Хаҥалас улууhа) | 5 | 2016, 2017, 2018, 2019, 2021 |
| 3 | 1995, 1996, 1997 | |
| Юрий Эверстов (Нам улууһа) | 1 | 2000 |
| Анатолий Баишев (Амма улууһа) | 2001 | |
| 2013 | ||
| 2014 | ||
| Алексей Кутуков (Нам улууһа) | 2015 | |
| Леонид Филиппов (Амма улууһа) | 2020 | |
| Алексей Уваровский (Кэбээйи улууһа) | 2022 | |
| Вячеслав Дьяконов (Нам улууһа) | 2023 | |
| Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа) | 2024 | |
| Борис Сдвижков (Амма улууһа) | 2025 |
Ордук элбэхтэ кыайбыт улуус
| Улуус | Боотурдара | Уопсайа |
|---|---|---|
| Нам улууһа | 4 | 9 |
| 1 | 7 | |
| Хаҥалас улууhа | 1 | 5 |
| 2 | 4 | |
| Амма улууһа | 3 | 3 |
| 1 | 1 | |
| Кэбээйи улууһа | 2 | 3 |
| Горнай улууһа | 1 | 1 |
Галерея
Быһаарыылар
Сигэлэр
- Республиканский центр национальных видов спорта им. В. Манчаары: (29—30 июня) Соревнования по национальному многоборью «Дыгын оонньуулара». Сигэнии күнэ: 30 Бэс ыйын 2025. Архивировано из оригинала 13 Балаҕан ыйын 2013 года.