1930 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1926 1927 1928 1929 — 1930 — 1931 1932 1933 1934
Уоннуу сыллар
1900-с 1910-с 1920-с — 1930-с — 1940-с 1950-с 1960-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1930 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 12Дьокуускайга лесопилка тутулунна.
  • Тохсунньу 21 — ОГПУ Хотугу хомуур этэрээтэ Күһүүр сэлиэнньэтин утарылаһыыта суох ылбыт.
  • Тохсунньу 26 — Ииндийэ национальнай кэнгириэһэ ол саҕанааҕы Британия Ииндийэтэ толору бэйэни салайыныыны ("Пурна Сварадж") туруулаһыахтаах тустааҕын биллэрбит. Конгресс Ииндийэ олохтоохторун тохсунньу 26 күнүн Тутулуга суох буолуу күнүн быһыытынан бэлиэтииллэригэр ыҥырбыт. Пурна Сварадж 17 сылынан олоххо киирбитэ.
  • Тохсунньу 30Ленскэй улууһа тэриллибит.

Олунньу

  • Олунньу 1 — ССРС-ка киэҥ далааһыннаах коллективизация саҕаламмыт.
  • Олунньу 17 — "Саха АССР оройуоннаһынын туһунан" уураах тахсар.
  • Плутону булбут.
  • Олунньу 21 — ВКП(б) Саха обкуомун "Кулактары утары охсуһуу туһунан" уурааҕа тахсар.
  • Олунньу 25Саха АССР Совнаркомугар гидрометеорология сулууспатын бюрота тэриллибит. Бюро соруга — Саха сиринээҕи гидрометеорология сулууспатын үлэтин иилээн-саҕалаан ыытыы.

Кулун тутар

  • Правда» хаһыакка Сталин «Ситиһииттэн сылтаан мэйии эргийиитэ» (нууч. Головокружение от успехов) ыстатыйата тахсыбыт, коллективизация кэмигэр аһара барыыны кириитикэлээбит.
  • Кальвица О.А. хамандьыырдаах экипаж өлөр.
  • Кулун тутар 8 — Ииндийэҕэ Махатма Ганди салалтатынан аҥылычааннарга бас бэриммэт буолуу хампаанньата саҕаламмыт.
  • Туус айанын саҕалаабыт, 200 мөлүйүөн киһи Британия тууска монополиятын утаран байҕалга аттаммыта.

Муус устар

  • Муус устар 5 — ЯЦИК №23-дээх уурааҕынан Дьокуускайга орто анал техническэй үөрэх политехникума аһыллыбыт. Салаалара — индустриальнай, тыа хаһаайыстыбата, педагогика, медиссиинэ уонна кооперативнай. Сайын бу политехникум оннугар техникумнар ситимнэрин үөскэппиттэрэ, саҥа техникумнар ведомстволарга сыһыарыллыбыттара.

От ыйа

  • От ыйын 13 — аан дойду футболга бастакы чемпионата Уругвайга буолбут.
  • От ыйын 22 — Дьокуускайга 4 килватт уонна 250 ваттаах пердптчиктардаах телеграф радиоцентра үлэҕэ киирэр.

Атырдьах ыйа

  • Атырдьах ыйын 2 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкомун дьаһалынан саас тэриллибит орто анал техническэй үөрэх политехникума реорганизацияламмыт. Кини оннугар техникумнар ситимнэрин үоскээбит, саҥа техникумнар ведомстволарга сыһыарыллыбыттар.
  • Атырдьах ыйын 2Дьокуускайга суол-тутуу уонна тутуу техникумнара аһыллыбыттар. 1933 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун уурааҕынан ити икки технукуму холбоон тутуу техникумун үөскэппиттэр. 1939 сыллаахха автотранспортнай техникум буолбута, онтон 1947 сыллаахтан ыла — Дьокуускайдааҕы дьиэ-уот уонна тутуу техникума. 1960-1990 сылларга Алданнааҕы хайа техникумугар сыһыарылла сылдьыбыта.
  • Атырдьах ыйын 3Саха АССР Эргиэн наркоматын быһаарыытынан Дьокуускайга эргиэн уонна сырье техникума тэриллибитэ. Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы потребительскай кооперация эргиэн уонна экэниэмиэкэ кэллиэһэ.

Балаҕан ыйа

  • "Саха тылын тылдьыта" тахсар.
  • Амуур-Дьокуускай автомобиль суолун тутарга диэн уруух ылар.

Сэтинньи

  • Сэтинньи 7 — Саха араадьыйата аан бастаан «Саҥарар Дьокуускай» диэн тылларынан саҕалаан сахалыы тахсыбыт. Саха сирин араадьыйата төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар.
  • Сэтинньи 9 — Саха араадьыйатын үлэтин үһүс күнүгэр Николай Субуруусскай дакылаат оҥорбут.

Алтынньы

  • Сахабулт» концерн буолбута.
  • Алтынньы 5 — Алданнааҕы хайа техникумугар бастакы үөрэх күнэ буолбут. Бу Саха АССР бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн Минцветмет систиэмэтигэр аһыллыбыт үөрэх кыаһата эбит. Бастакы 30 киһи икки салааҕа үөрэммиттэр: хайа-эксплуатациялыыр үлэлэр, геологоразведочнай үлэлэр. Билигин Алданнааҕы политехническэй техникум диэн ааттаах.
  • Алтынньы 20 — Арҕаа Сибиир кыраайын састаабыгар Хакас автономнай уобалаһа тэриллибит.

Ахсынньы

Төрөөбүттэр

  • Тохсунньу 1Бүлүү куоракка Гоголев Иван Михайлович - Кындыл, саха норуот поэта
  • Владимир Михайлов — Саха АССР хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, "Аҕа дойдуга өҥөлөрүн иһин" II истиэпэннээх уордьан, "Хотугу сулус" уордьан кавалердара.
  • Павел Дмитриев - Бачыым Байбал — рационализатор, Саха АССР үтүөлээх механизатора, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ.
  • Тохсунньу 18Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.
  • Татьяна Васильева — туорахтаах культуралар селекцияларынан дьарыктанар агроном учуонай, РСФСР үтүөлээх агронома, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.
  • Мария Мохначевская — саха муусука үнүстүрүмүөннэрин оҥорооччу, мусукаан, култуура үтүөлээх үлэһитэ.
  • Алтынньы 25Варламова Мария Ивановна — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.
  • Ахсынньы 5Иван Серебряков — экскаваторщик, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1966), Мирнэй куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
  • Ахсынньы 22 — Анна Мыреева (2012 өлб.) — эбэҥки филологиятыгар идэтийбит чинчийээччи, биллиилээх тылбаасчыт, эбэҥки оскуолаларыгар анаан эбэҥкилэр үгэстэрин (оонньууларын, аһылыктарын) үөрэтэр кинигэлэри суруйбут, эбээн ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээбит учуонай. Саха Өрөспүүбүлэктин Ил Дарханын таһынааҕы тыл политикатыгар Түмсүү чилиэнэ.

Өлбүттэр