Сосин Тит Егорович
Тит Егорович Сосин (1887-1941) — мэдиссиинэ уонна санитария тэрийээччитэ, чөл олох пропагандиһа.
Моорук нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Куораттааҕы үрдүкү оскуоланы уонна биэлсэр куурсун бүтэрбитэ. Амма, Булун, Таатта, Нам, Өлүөхүмэ уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар үлэлээбитэ. Медицина уонна санитария тэрийии көҕүлээччитэ уонна салайааччыта. Культурнай революция буоларыгар үчүгэйдик үлэлэспитэ.
Т.Е. Сосин медицина тиэмэтигэр сахалартан бастакы суруйан саҕалаабыт киһи. 7 кинигэни таһаарбыта, онтон бастакы кинигэтэ, "Куһаҕан ымынах" 1913 сыллаахха тахсыбыта. Нууччалыы уонна сахалыы тылынан элбэх ыстатыйата бэчээттэммитэ. Тит Егорович "Толковый русско-якутский словарь малопонятных, труднопереводимых якутских образных и удвоенных слов" уонна "Словарь образных, звукоподражательных и парных слов" тылдьыттары оҥорбута. Бүтэһик тылдьыты Л.Н. Харитонов бэйэтин үөрэтиилэригэр туттубута. Ол курдук, Т.Е. Сосин саха тылын үөрэтиитигэр сыаналаах кылаат уурбута.
1918 сылтан саҕалаан Тит Егорович правительствоҕа Абалаах күөлү ыраҥалыырга сурук суруйар этэ. Бу сыалын тутуһан 1923 сыллаахха экспедиция тэрийбитэ. Экспедиция түмүгүнэн 1934 сыллаахха геолог инженердар И.С.Лорви уонна А.Д.Егорова күөл дьабаҕын бальнеологическай сыалларга туттуохха сөбүн быһаарбыттара.
1935 сыллаахха Т.Е.Сосин Абалаахха курортнай эмтэниини тэрийбитэ. Аҕыйах кэм иһигэр тыаны кэрдэн, маһы тиэйэн, эмтэнии куорпуһун оҥорорго материаллары бэлэмнээбитэ. 1935 сыллаахха атырдьах ыйын 5 күнүгэр Абалаах балыыһата аһыллыбыта. Т.Е. Сосин Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр олохтоноругар улахан кылааты уурбут киһи.