Павлов Федор Федорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Павлов Федор Федорович — худуоһунньук, Россия худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ (1995).

Олоҕун олуктара

  • Иккис Атамай нэһилиэгэр Бэс Күөл с. төрөөбүт.
  • 1968 с. — Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрбит.
  • 1977 с. — Уһук Илиннээҕи искусство институт (Владивосток к.), С. А. Литвинов мастерскойугар үөрэнэн, бүтэрбит.
  • И. Е. Винокуров аатынан Намнааҕы технология уонна дизайн педагогическай колледжын преподавателэ.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна
  • Российскай Федерация орто анал үөрэхтээһинин ытык үлэһитэ
  • «Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала» Бэлиэ
  • Нам улууһун Ытык олохтооҕо

Сигэлэр