Илон Маск

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Илон Маск
Elon Musk Royal Society (crop2).jpg
Төрөөбүтэ Претория, Трансвааль, Соҕуруу Африка

Илон Рив Маск (ааҥл. Elon Reeve Musk) диэн Америка урбаанньыта, айааччы, инвестор, инженер уонна миллиардер.

Илон Маск The Boring Company компания тэрийээччитэ, Bloomberg уонна баар баайа $176.2 миллиард кэриҥэ буолар.

Илон Маск 1971 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр Соҕуруу Африка Претория хототугар төрөөбүтэ. Кылгас кэм Претория университетыгар үөрэммитэ. 18 сааһыгар ийэтин дойдутугар Канадаҕа барбыта. Икки сылынан Куинс университетыгар үөрэххэ киирбитэ, онтон Пенсильвания университетыгар көспүтэ. Манна экономикаҕа уонна физикаҕа бакалавр таһымын ылбыта. 1995 сылга Калифорнияҕа көһөн Стэнфорд университетыгар үөрэххэ киирэн баран икки күнүнэн бырахпыта.

Илон Маск 1995 сылга быраатыныын Кимбаллыын Zip2 диэн программалары суруйар компанияны тэрийбиттэрэ. 1999 сылга Zip2ну Compaq $307 мөлүйүөҥҥэ атыыласпыта. Бу кэннэ Маск X.com диэн онлайн баан тэрийээһинигэр кыттыспыта. 2000 сылга X.com Confinity диэн компанияны кытта холбоһон космос көтүүтүн өҥөлүүр компанияны олохтообута. 2004 сылга Tesla Motors, Inc. диэн күн энергиятын компаниятын тэрийиитигэр көмөлөспүтэ. Кэлин Tesla SolarCityны атыылаһан кини Tesla Energy буолбута. 2015 сылга OpenAI диэн оҥоһуу өйү чинчийэр компанияны тэрийсибитэ. 2016 сылга Neuralink диэн нейротехнология компаниятын тэрийсибитэ. Манна эбии бу сыл The Boring Company диэн туннель тутар компанияны тэрийсибитэ. Илон Маск Hyperloop диэн транспорт систематын (үрдүк түргэннээх вакуум суксурҕа) сайдыытын көҕүлээччитэ буолар. 2022 сылга Twitterы $44 миллиардка атыылаһан ылбыта.

Урбааннара

SpaceX

Сүрүн ыстатыйа: SpaceX

Илон Маск 2002 сыл ыам ыйыгар SpaceX компанияны тэрийбитэ. Кини таһааччы ракета сериятын оҥорооччута уонна космос көтүүтүн оператора буолар.

2008 сыл ахсынньытыгар SpaceX уонна Falcon 9 ракета 12 ыытыытын уонна Dragon космос аалын Иллэрдээҕи космос станциятыгар тиийэргэ 1,6 млрд доллардаах контракт баттаспыттара. Бу контракт 2011 сылга көтүү программата тохтообут Space Shuttle ааллары солбуйуу буолар.

Tesla

Сүрүн ыстатыйа: Tesla

Америка хампаанньата, электромобил оҥорооччута уонна чаҕыл энергияны харайыытынан дьарыктанар. 2018 сыл кулун тутарга компания акционердара Илон Маск хамнаһын сылга 3 млрд долларга диэри үрдэтэр иһин куоластаабыттара. Кини түп хамнаһа суох буолар, ол оннугар компания акцияларын компенсация быһыытынан ылар. Компенсация төлөбүрэ компания ирдэнэр үп көрдөрүүлэрин төһө ситиһэриттэн тутулуктаах. 2019 сыл алтынньытыгар Илон Маск Tesla барыстаммытын уонна акцияларын котировкалара 20% үрдээбиттэрин туһунан биллэрбитэ.

Twitter

Сүрүн ыстатыйа: Twitter

Twitter диэн Америка түмэт медиа компанията. 2022 сыл тохсунньу ыйыттан саҕалаан Илон Маск Twitter акцияларын атыыласпыта. Муус устарга 9.1 бырыһыаннаах ордук улахан акционер буолбута. Муус устар 25 күнүгэр Twitter директордарын сүбэтэ Маск 44 миллиард доллардаах ылыы этиитигэр сөбүлэспиттэрэ. Ылыы сөпсөһүүтэ алтынньы 17 түмүктэммитэ. Маск Twitter бас билээччитэ уонна бас директора буолан баран түмэт ситимигэр элбэх уларыйыы күүтүллэрин туһунан биллэрбитэ, олор ахсааннарыгар - алгоритмнары аһаҕас гыныы, спамботтары утары охсуһуу, мизинформация, дезинформация, кибербуллинг, өһүөн тыла элбиэхтэрэ диэн куттаналлар.

Филантропия

Илон Маск Musk Foundation диэн аһымал фондатын төрүттээбитэ. 2015 сыл тохсунньутугар фонда 10 мөл. доллары Киһинээт кэскилин институтугар оҥоһуу өй хонтуруолун чинчийиитигэр биэрбитэ.

2018 сыл от ыйыгар Илон Маск Тхамлуангнангнон хаспахха оҕолору быыһыыр эпэрээссийэҕэ бэйэтин көмөтүн биэрбитэ. SpaceX, Tesla уонна The Boring Company компаниялар инженердара быыһааччыларга көмөҕө ыыттыллыбыттара. Бу эпэрээссийэҕэ анаан оҥоһуллубут кыракый субмарина Тайлааҥҥа тиэрдиллибитэ, ол гынан баран, тай быыһааччылара кинини туһата суох диэннэр туттубатахтара.

2019 сыл алтынньытыгар өртөн эмсэҕэлээбит ойуурдарга мас олордуутугар 1 мөлүйүөн доллары ыыппыта.

Тус олоҕо

Илон Маск Saturday Night Live программаҕа Маск Аспергер синдромнаахпын диэбитэ.

Илон Маск киниэхэ Айзек Азимов суруйааччы "Олохтооһун" (Foundation series) диэн билим ыра романын серията уонна Азимов киһи-аймах баар буолуутун сайыннарааһыныгар харыстааһыныгар көрүүлэрэ улаханнык сабыдыаллаабыттара диэбитэ. Маск хас да планетаны киһи аймах сүтүгүн кутталыттан көмүскэллээх буолуон сөп диэбитэ.

Дьиэ кэргэнэ

Илон Маск аҕата Эррол Маск (1946 т.) - электромеханик инженер, пилот, устааччы, консультант. Ийэтэ Мэй Маск (1948 т.) - модель, лектор, диетолог. Инитэ Кимбал (1972 т.) ресторатор, балта Тоска (1974 т.) киинэ продюсера.

Бастакы ойоҕо

Илон Маск бастакы ойоҕо Джастин Маск (Уилсон, 1972 т.), суруйааччы. Канадаҕа университекка бииргэ үөрэммиттэрэ. 2000 сылга ыал буолбуттара. 2008 сыл балаҕан ыйыгар арахсыбыттара.

Оҕолоро:

  • уол, Невада — 2002 сылга төрөөбүтэ. 10 нэдиэлэлээҕэр утуйа сытан соһуччу өлбүтэ.
  • икки игирэ уол, Гриффин уонна Ксавьер — 2004 сылга төрөөбүттэрэ.
  • үс игирэ уол, Дамиан, Саксон, Кай — 2006 сылга төрөөбүттэрэ.

Иккис ойоҕо

Талула Райли диэн Британия актрисата. 2010 сылга холбоспуттара. 2016 сылга арахсыбыттара.

Үһүс ойоҕо

Граймс (Клэр Буше) диэн Канада ырыаһыта уонна музыкана. 2018 сылтан ыла билсэр буолбуттара. 2021 сыл балаҕан ыйыгар арахсыбыттара.

Оҕолоро:

  • уол, Экс Эш Эй-Твелв (X Æ A-12) — 2020 сыл ыам ыйын 4 төрөөбүтэ.
  • кыыс, Экза Дарк Сайдерил (Exa Dark Sideræl) — 2021 сыл ахсынньытыгар солбук ийэттэн төрөөбүтэ.

Көрсүүлэрэ

Илон Маск Neuralink компания топ-менеджерын Шивон Зилистыын көрсүүлэһэннэр 2021 сыл сэтинньитигэр игирэлэр төрөөбүттэрэ.

2017 сылга хас да ый устата Эмбер Херд диэн актрисалыын көрсүүлэспитэ.