Ыарыһах күнэ
Ыарыһах аан дойдутааҕы күнэ (нууч. Всемирный день больного, ааҥл. World Day of the Sick) — Аан дойдуга бэлиэтэнэр, ыарыһахтар кыһалҕаларыгар дьон болҕомтотун тардаары олохтоммут күн. Сылын ахсын олунньу 11 күнүгэр бэлиэтэнэр[1].
Устуоруйта
«Ыарыһах аан дойдутааҕы күнэ» 1993 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бу күнү бэлиэтиир туһунан Риим паапата Иоанн Павел II 1992 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр эппитэ.
Өссө көр
- Чэгиэн буолуу күнэ
- СПИДи кытта охсуһуу күнэ
- Гемофилия аан дойдутааҕы күнэ
- Көрбөттөр аан дойдутааҕы күннэрэ
- Дьүлэйдэр аан дойдутааҕы күннэрэ