Тан династия
Тан династия, эбэтэр Тан импиэрийэ (618, бэс ыйын 18 — 907, бэс ыйын 4, Ли Юань олохтообут Ли Шиминь ыраахтааҕы бааһынайдар өрө турууларын хам баттаан баран сайдыы бэлиитикэтин ыыппыта. Таан саҕана Кытай чэлгийэ сайдыбыта, бу кэмҥэ дойду муҥутуур кыаҕын ыла сылдьыбыта, аан дойду атын дойдуларын сайдыытынан куоһарар этэ.
Ли (李) ууһа Суй импиэрийэтэ ыһыллыытыгар былааһы ылбыта. Династия кылгас кэмҥэ быста сылдьыбытттаах, У Цзэтянь диэн дьахтар ыраахтааҕы Чжоу импиэрийэтин олохтуу сылдьыбыта. VII уоннаи VIII үйэлэрдээҕи икки биэрэпискэ олоҕуран олохтоохтор ахсааннарын 50 мөл. кэриҥэ киһи диэххэ сөп[1][2]. IX үйэҕэ төһө да мөлтөөтөр, импиэрийэ олохтоохторун ахсаана быһа барыллаан 80 мөл. киһи буолбут[3][4].
Сайдыы кэмэ Ань Лушань өрө туруутунан түмүктэммитэ (755—763). Эпоха иккис аҥаарыгар онон киин былаас мөлтөөбүтэ, дойду сайдыыта бытаарбыта. Кини иннинээҕи Суй импиэрийэ курдук, Тан импиэрийэ судаарыстыбаннай сулууспаҕа учуонайдары ылара, онно эксээмэн ааһаллара. Кытай култуурата Тан эпохатыгар күүскэ сайдыбыта; кытай поэзията билигин ааҕылларынан бу кэмҥэ саамай үрдүк чыпчаалга тахса сылдьыбытаХань Гань, Чжан Сюань уонна Чжоу Фан эмиэ бу кэмҥэ олорбуттара. Учуонайдар устуоруйаҕа элбэх үлэлэри суруйбуттара, ону таһынан энциклопедиялары уонна географияҕа үлэлэри.
Быһаарыылар
- ↑ Ebrey, Walthall & Palais, 2006, p. 91
- ↑ Ebrey, 1999, pp. 111, 141
- ↑ Du, 1998, p. 37
- ↑ Fairbank & Goldman, 2006, p. 106
- ↑ Yu, 1998, pp. 73–87