Винокуров Николай Егорович (Урсун)
Урсун | |
---|---|
Төрөөбүт аата: | Винокуров Николай Егорович |
Төрөөбүт күнэ: | 13 муус устар 1945 (79 саастаах) |
Төрөөбүт сирэ: | Иккис Байаҕантай нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха АССР |
Өлбүт күнэ: | Ошибка скрипта: Функции «dateOfDeath» не существует. |
Дойдута: |
ССРС, Россия |
Дьарыга: |
«Чолбон» сурунаал сүрүн редактора, поэт, тылбаасчыт |
Жанр: | хоһоон, поэма |
Айымньыларын тыла: | саха |
Бастакы кинигэтэ: | Аларга, 1980 |
Наҕараадалара: |
Винокуров Николай Егорович (Урсун) (1945 төр.) — поэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт. «Чолбон» сурунаал сүрүн редактора.
Олоҕун олуктара
1945 сыллаахха муус устар 13 күнүгэр Таатта улууһугар II Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүт.
1972 сыллаахха Саха государственнай университет историко-филологическай факультетын бүтэрбит.
Тыл, литература уонна история Институтун аспирантуратыгар үөрэммит.
Новосибирскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола журналистика салаатын бүтэрбит.
Үлэлээбит сирдэрэ:
- «Хотугу сулус» сурунаал, салаа сэбиэдисэйэ
- Уус-уран литератураны тарҕатыы Бюрота, директор
- «Кыым» хаһыат, корреспондент
- «Бичик» кинигэ кыһата, редактор, старшай редактор, главнай редактор
- «Чолбон» сурунаал, проза салаатын сэбиэдиссэйэ, эппиэттиир секретарь
Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун Салалтатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
2005 сылтан — «Чолбон» сурунаал сүрүн редактора.
Айар үлэтэ
Бастакы хоһооно «Күөрэгэй» «Бэлэм буол» хаһыакка 1961 сыллаахха бэчээттэммит. 1980 сыллаахха хоһооннорун бастакы хомуурунньуга «Аларга» күн сирин көрбүт.
Кинигэлэрэ
- «Чэгиэн-Чаҕаан» (1986)
- «Этэҥҥэ» (1991)
- «Yрүҥ ыаҕайа» (1995)
- «Саха былыта» (1999)
- «Өбүгэ түhүлгэтэ» (2003)
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Казахстан «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата
- П. А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай бириэмийэтин лауреата
- Таатта улууһун ытык киһитэ
- Нам улууһун ытык киһитэ
- Алдан нэһилиэгин (Таатта улууһа) ытык киһитэ