Иринцеева Евдокия Семеновна (Огдо)
Евдокия Иринцеева - Огдо — суруйааччы, суруналыыс, суруналыыстыкаҕа СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ үтүөлээх үлэһитэ.
1962 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр Кэбээйи улууһун Тыайатыгар төрөөбүт. 1985 сыллаахха СГУ омук тылын салаатын итиэннэ 2003 сыллаахха СГУ филологияҕа факультетын (суруналыыстыка салаатын) бүтэрбит.
Өр сылларга "Кэскил" уонна "Юность Севера" хаһыаттарга бастаан кэрэспэдьиэнинэн, онтон сэбиэдиссэйинэн, 2011–2020 сс кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. 2021 сылтан СӨ С.А.Новгородов аатынан "АЙАР" национальнай кинигэ кыһатыгар эрэдээктэр.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ бэчээтин туйгуна, суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Кыһыл көмүс бөрүө" бириэмийэлэрин лауреата, норуоттар икки ардыларынааҕы "Аһаҕас Евразия" (Open Eurasia-Англия) литератураҕа куонкуруһугар оҕоҕо аналлаах айымньыга Мария Шевель аатынан анал бириэмийэ лауреата, Норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо литературатын Швейцариятааҕы Сүбэтэ (IBBY) икки сылга биирдэ бэлиэтиир Бочуоттаах испииһэгин (2018 с) лауреата.
Дьиэ кэргэнэ
Кэргэнэ Александр Иринцеев Иркутскай уобалас Баяндай оройуонуттан төрүттээх, СӨ Ауидиовизуальнай утумун национальнай киинигэр отдел начаалынньыга[1].
Быһаарыылар
- ↑ Надежда Гармаева. Бурятская книга Евдокии Иринцеевой (нуучч.)