1947 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1943 1944 1945 1946 — 1947 — 1948 1949 1950 1951
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1947 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 31 — Ленинградка 2-с Бүтүн Сойуустааҕы география сийиэһигэр Окладников А. П. «Приосхождение якутской народности» диэн дакылааты аахпыт.

Олунньу

  • Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэригэр илии баттаабыттар. Бу сөбүлэҥнэринэн хотторбут дойдулар тутулуга суох буолаллара уонна Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирэллэрэ бигэргэтиллибит, элбэх репарация төлөөбүттэр.
  • Олунньу 12Приморскай кыраайга Сихотэ-Алинь хайаларыгар улахан метеорит түспүт. 60-100 тонналаах тимир метеорит сиргэ тиийиэн иннинэ салгыҥҥа бытарыйбыт.
  • Олунньу 15 — «ССРС гражданнара уонна атын дойду дьоно ыал буолууларын бобуу туһунан» ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕа тахсыбыт. Бу ыйаах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр элбэх эр киһи өлбүтүн иһин таһаарыллыбыт. Атын дойду дьонун кытта көссүүлэспит да дьахталлар норуот өстөөхтөрүн курдук буолбуттара, хаайыыга ыытыллаллара.
  • Олунньу 25 — сэбиэскэй НКВД Венгрияҕа Бела Ковач диэн дьоҕус сири баһылааччылар тутулуга суох баартыйаларын генеральнай сэкиритээрин тутан дойду парламена утарбытын үрдүнэн ССРС-ка депортациялаабыт. Бу тутуу Венгрияҕа былаас уларыйыытын сүрүн түгэнэ этэ.
  • Олунньу 28Тайваҥҥа Гоминьдан былааһын утары өрө туруу саҕаламмыт. Өрө турууну аармыйа элбэх хааны тоҕон хам баттаабыта.

Кулун тутар

  • Эдэр суруйааччылар бастакы бүтүн Сойуустааҕы мунньахтара аһыллыбыт. Түмүктүүр мунньах кулун тутар 10 күнүгэр буолбут. Бу мунньахха саха бэйиэтэ Леонид Попов кыттыбыта, онно сылдьан билсибит тылбаасчыттара кэлин кини саха бэйиэттэриттэн саамай элбэхтик тылбаастанар буолуутугар көмөлөспүттэрэ[1].
  • Гарри Трумэн Кэҥгириэс мунньаҕар тыл эппит, ССРС дьайыытыгар киирбэттэрин туһугар Грецияны уонна Туурсуйаны үбүнэн өйүүргэ ыҥырбыт.

Муус устар

Ыам ыйа

  • Сир симэҕэ" («Полевой цветок») диэн саха маҥнайгы балета туруоруллубут. Сүрүн баартыйаны Иннокентий Христофоров толорбут.

Бэс ыйа

От ыйа

  • Алдан уокуруга ликвидацияламмыт.

Атырдьах ыйа

  • Атырдьах ыйын 15Ииндийэ уонна Пакистан тутулуга суох буолбуттар. 190 сыл устата Улуу Британия баһылаабыт Ииндийэтин дьон итэҕэлинэн көрөн икки судаарыстыбаҕа араарбыттара. Арахсыы кэнниттэн саҥа судаарыстыбалар икки ардыларыгар улахан миграциялар саҕаламмыттара.

Алтынньы

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  1. Харлампьева Н.И. Семен Данилов. — 2-е изд., испр.. — М.: Молодая гвардия, 2021. — С. 32. — 285 с. — (Жизнь замечательных людей). — 1000 экз. — ISBN 978-5-236-04489-0