Томскай Григорий Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Томскай Григорий Васильевич

Томскай Григорий Васильевич (Жипто оонньуу ааптара. Саха сиригэр (Үөһээ Бүлүү, Ороhу) төрөөбүтэ, Дьокуускай, Эдьигээн, Сиинэ уонна Дүпсүн сэттэ оскуолаларыгар үөрэммитэ. Саха университетын математика факультетын (1971 сыллаахха), Ленинград университетын математика кибернетикатын аспирантуратын (1975), Парижка баар Омуктар икки ардыларынааҕы дипломатия академиятын (1995), Париж-5 Декарт университет юриспруденция факультетын магистуратуратын (1996) бүтэрбитэ, Париж-9 Дофин университетыгар эмиэ үөрэммитэ (19781979).

Сонор оонньууну — Жипто бастакы версиятын айбыта, 1993 сыллаахха Жипто омуктар икки ардыларынааҕы федерациятын (FIDJIP — фр. Federation Internationale du Systeme JIP) тэрийбитэ, 2005 сылтан ыла ЕВРОТАЛАНТ президенын солбуйааччыта, 2010 сылтан ыла КОНКОРД академия (Académie Internationale CONCORDE) президена.

Литератураҕа үлэтэ

Кини Франция суруйааччыларын сойууһугар (SGDL) 2003 сыллааха киирбитэ, Аттила туhунан история романа французтуу уонна нууччалыы (2001 сыллаахха), түрктүү (2005), монголлуу (2007), сахалыы (2008) тылларынан бэчээттэммитэ. Ону таhынан икки сценарий уонна пьеса суруйбута.

Сигэлэр