Бурцев Данил Тарасович
Бурцев Данил Тарасович — филология билимнэрин кандидата.
Олоҕун олуктара
- 1947 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Саха АССР Уус-Алдан улууһугар Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- 1973 с. — Москватааҕы государственнай университеты бүтэрбитэ.
- 1973—1976 сс. — ССРС НА СС Дьокуускайдааҕы филиалын аспирана.
- 1977—1979 сс. — ССРС НА СС Дьокуускайдааҕы филиалын старшай лаборана.
- 1987—1991 сс. — РНА СС ТЛИ Институтун младшай научнай үлэһитэ.
- 1989 с. — филология билимин кандидатыгар «Типы проблематики в якутской прозе» тиэмэҕэ суруйбут диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскүүр.
- 1991—1997 сс. — научнай үлэһит.
- 1997—2000 сс. — РНА СС ТЛИ Институтын старшай научнай үлэһитэ.
Д. Т. Бурцев — норуот эпоһын кыһалҕаларын уонна тюрк тыллаах Сибиир омуктарын романнарын чинчийбитэ.
Сүрүн үлэлэрэ
- «Типы проблематики в якутской прозе» (Якутск, 1992), монография.
- «Якутский эпос олонхо как жанр» (Новосибирск, 1998), монография.
- «Якутский историко-революционный роман 1970-х годов» (Сб.: Развитие реализма в литературах Якутии. — Якутск, 1989).
- «Комментарии к поэзии П. А. Ойунского» (Кн.: Ойунский П. А. Избранные произведения: в 3 т. — Т. 1. — Якутск, 1992).
- «Исследование П. А. Ойунским якутского эпоса олонхо» (Сб.: П. А. Ойунский: взгляд через годы. — Новосибирск, 1998).
- «Описательность в олонхо» (Вестник Академии духовности РС (Я). — 1999. — № 3 (10).
- «Эпос как жанр — способ саморегулирования фольклорного художественного процесса» (Наука и образование. — 1999. — № 4).
- «Рассказы Кюндэ» (Сб.: Бесценное наследие Кюндэ. — Якутск, 2002).