Саха сиринээҕи Наука киинэ
Саха сиринээҕи Наука киинэ (билим тэрилтэлэрин түмэр тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ.
Устуоруйаттан
- 1947 сылтан — Саха сиринээҕи наука чинчийэр базата;
- 1949 сылтан — ССРС Наукаларын Академиятын Саха сиринээҕи филиал;
- 1957 сылтан — ССРС Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиал;
- 1988 сылтан — Арассыыйа Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи наука киинэ.
Билигин Наука киинигэр 2242 киһи үлэлиир, ол иһигэр 590 наука сотрудниктара, олортон 60 наука доктордара уонна 300 тахса наука кандидаттара. Наука үлэһиттэртэн 5 Арассыыйы Наукаларын Академиятын чилиэн-корреспонденнар, 12 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын Академиятин дьиҥнээх чилиэннэрэ уонна 33 атын Академиялар чилиэннэрэ.
Наука киинин састаабыгар киирэр тэрилтэлэр
- В.П. Ларионов аатынан Хоту дойду физика уонна техника проблемаларын института;
- Криолитозона биологиятын проблемаларын института;
- Н.В. Черскэй аатынан Хоту дойду хайа дьыалатын института;
- Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института;
- Ю.Г. Шафер аатынан Космофизика чинчийиилэрин уонна аэрономия института;
- Ньиэп уонна гаас проблемаларын института;
- Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт;
- Геофизическэй сулууспа Саха сиринээҕи филиала;
Урукку кэмҥэ Наука киинин састаабыгар киирэллэр этэ:
- Алмаас уонна күндү металлар геологияларын института;
- П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу чинчийэр институт;
Наука киинин салайбыттара
- 1949 - 1952 сылларга — Цытович Николай Александрович, ССРС НА чилиэнэ-корреспондена;
- 1952 - 1957 сылларга — Дадыкин Всеволод Петрович, биология доктора;
- 1957 - 1964 сылларга — Рожков Иван Сергеевич, ССРС НА чилиэнэ-корреспондена;
- 1964 - 1987 сылларга — Черскэй Николай Васильевич, ССРС НА академига;
- 1987 - 1992 сылларга — Крымскай Гермоген Филиппович, Арассыыйа НА академига;
- 1992 - 1997 сылларга — Ларионов Владимир Петрович, Арассыыйа НА чилиэнэ-корреспондена;
- 1997 - 2002 сылларга — Уржумцев Юрий Степанович, Арассыыйа НА чилиэнэ-корреспондена;
- 2002 - 2004 сылларга — Ларионов Владимир Петрович, Арассыыйа НА чилиэнэ-корреспондена;
- 2004 - 2012 сылларга — Сафронов Александр Федотович, Арассыыйа НА чилиэн-корреспондена;
- 2012 сылтан — Лебедев Михаил Петрович, Арассыыйа НА чилиэн-корреспондена.