Цытович Николай Александрович
Цытович Николай Александрович (1900–1984), учуонай, геомеханик, инженер геолог, ССРС НА чилиэнэ-корреспондена. 1947–1953 сыллардаахха ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
Олоҕун олуктара
- Могилев уобалас Чериков оройуонун Мхиничи дэриэбинэҕэ төрөөбүтэ.
- 1927 сыллаахха Ленинград куоракка гражданскай инженердар институттарын бүтэрбитэ. Маҥнайгы промышленность уонна гидротехника тутууларга кыттыбыта.
- 1930 сылтан Ленинград куоракка үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр преподавателлээбитэ.
- 1943 сыллаахха ССРС НА чилиэнэ-корреспондена
- 1943 сылтан ССРС НА ирбэт тоҥу чинчийэр институтка үлэлиир.
- 1952 Москва куоракка В.В. Куйбышев аатынан инженернай тутар институтугар (билинин МИСИ) кафедра сэбиэдиссэйэ.
- 1947 — 1953 сыллардаахха ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
- 1957 сылтан ССРС фундамент тутуутун ассоциациятын президенэ.
- 1984 сыл муус устар 26 күнүгэр өлбүтэ.
Айымньылара
- "Основы механики грунтов", учебник (1934); англ, чех, мадьаар, поляк, румын, кытай, кэриэй, вьетнам уо.д.а. тылларга тылбаастаммыт.
- "Основания и фундаменты", М., 1970 (соавтор);
- "Механика мерзлых грунтов" (общая и прикладная), М., 1973;
- "Механика грунтов", 4 изд., М. — Л., 1963.
Өссө маны көр
- Шеляпин Р. С., Николай Александрович Цытович (к 75-летию со дня рождения), "Основания, фундаменты и механика грунтов", 1975, № 3.