Крымскай Гермоген Филиппович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Гермоген Филиппович Крымский
Дойдута:
Крымскай Гермоген Филиппович

Крымскай Гермоген Филиппович (төр. сэтинньи 18 күнэ 1937, Өлүөхүмэ (куорат), Саха АССР) — академик, 19881992 сыллардаахха Саха сиринээҕи Наука киинин Президиумун бэрэссэдээтэлэ.

Олоҕун олуктара

  • 1937 сыл сэтинньи 18 күнүгэр Өлүөхүмэ куоракка төрөөбүтэ
  • 1955 сыллаахха Өлүөхүмэ орто оскуолатын бүтэрбитэ.
  • Пединститутка физика уонна математика факультетыгар үөрэнэр.
  • Космофизика чинчийиилэр уонна аэрономия институтугар үлэлиир. Институтка лаборантан дириэктэргэ диэри улааппыта.
  • 1966 сыллаахха кандидат диссертациятын көмүскүүр, темата: «Модуляция космических лучей в межпланетном пространстве».
  • 1974 сыллаахха доктор диссертациятын көмүскүүр, темата: «Модуляция космических лучей и динамические свойства солнечного ветра».
  • 1987 сыллаахха ССРС НА чилиэнэ-корреспондена.
  • 1988—1992 сыллардаахха Саха сиринээҕи Наука киинин Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
  • 1997 сыллаахха Арассыыйа НА академига.

Айымньылара

  • Куйаар сардаҥалара атмосфераны курдары ааһыы уонна генерация эффегын чинчийии.
  • Планеталар икки ардыларынааҕы куйаарга сардаҥалар түргэтэтии процеһа.
  • Планеталар икки ардыларынааҕы куйаарга процесстары чинчийии.\
  • Куйаар сардаҥалара климатка сабыдыалларын чинчийии.
  • 300 наукаүлэ уонна 3 монография


Ылыллыбыт сирэ