Андреев Ананий Кононович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Андреев Ананий Кононович

Андреев Ананий Кононович (1901—1944), 1929—1931 сс. Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.

Төрүппүттэрэ үөрэҕэ суохтар этэ. Ананий дьиэ кэргэнин чугас доҕордоро соседтара Всеволод Ионов. Андреевтарга элбэхтэ ыалдьыттыыр эбит. Ионовтыын билсиһиититтэн уонна кэпсэтиититтэн үөрэххэ интириэьэ киирбит. Ананий Андреев эдэр сааьыттан под руководством Мегежекского, Аржакова, Васильева стал активным борцом за советскую власть, одним из проводников политики продразверстки в Якутии, а на заключительном этапе — он в составе комиссии внес огромный вклад в мирную ликвидацию тунгусского повстанческого движения. Ананий кылгас олоҕун быьа билиини сырса, үөрэнэ сатаабыт. Сахалартан бастакынан инженер- теплоэнергетика дипломун ылбыта (Всероссийская промышленная академия им. И. В. Сталина) ол кэннэ Дьокуускайдааҕы электростанция директора буолбута. Бастакы Саха АССР Коммунальнай хаһаайыстыба наркома. Ыарахан сылларга үлээбитэ (время жестоких репрессий), 1938 сыл кулун тутар 3 күнүгэр үлэтиттэн уураппыттар, ол кэнниттэн 4 күн буолан баран, дьиэ кэргэннэрэ көрөн турдахтарына хаайыыга илдьэ барбыттар (Его обвинили в членстве троцкистской и буржуазно-националистической организации и приговорили к восьми годам заключения в исправительно-трудовом лагере.). Ол кэмҥэ кэргэнигэр Дьокуускайтан оҕолорбутун кытта түргэнник куотун эрэ диэн этэн хаалбыт. Верхоянскай лааҕырын хайыытыгар 4 сыл буолан баран өлбүт. Кэргэнэ уонна оҕолоро ыарахан олоҕу ааспыттар этэ(заклейменные отпрысками «врага народа»). Пионер да, комсомол да буолбатахтар этэ, ол гынан оскуола предметтарын бэккэ диэн чэпчэкийдик үөрэтэллэр эбит. Ананий кыыьа Альбина ЯГУ физико-математическай факультетын бүтэрбит, уола Альберт горно-геологическайы. Билигин сиэннэрэ Нюрбаҕа, Мирнэйгэ, Дьокуускайга, Санкт-Петербурга олороллор уонна үлэлииллэр.

Андреев А. К. 115 сылын юбилейыгар кинигэ тахсыбыта(«Ананий Кононович Андреев»).

Олоҕун олуктара

  • Свердлов аатынан Коммунист университетын уонна Сталин аатынан Бүтүн Союзтааҕы Промышленнай Академиятын бүтэрбитэ.
  • 1920—1921 сс.— Таатта улууһугар продразвёрстка болномуочунайа.
  • 1922—1923 сс.— РКП(б) Бүлүүтээҕи бюротун сэкрэтээрэ.
  • 1923 сылга — РКП(б) Саха обкомун тэрийэр отдел инспектора.
  • 1923—1924 сс.— Дьокуускай уокурук исполкомын бэрэссэдээтэлэ.
  • 1924—1925 сс.— Саха АССР Финансалар наркоматын Нолуок салалтатын сэбиэдиссэйэ.
  • 1925—1926 сс.— ВЦИК Лаамы Особай хамыыһыйа сэкрэтээрэ, Якутторг Охотскай куораттааҕы факториятын директора.
  • 1926—1928 сс.— Свердлов аатынан Коммунист университетын студена.
  • 1928—1929 сс.— ВКП(б) Дьокуускайдааҕы уокурук сэкрэтээрэ.
  • 1929 сыл кулун тутар — 1931 сыл бэс ыйа — Саха АССР ЦИК уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ.
  • 1931—1936 сс.— Сталин аатынан Бүтүн Союзтааҕы Промышленнай Академиятын үөрэнээччитэ.
  • 1936—1937 сс.— Дьокуускайдааҕы электростанция директора.
  • 1937—1938 сс.— Саха АССР Коммунальнай хаһаайыстыба наркома.
  • 1938 сыллаахха репрессияламмыта.
  • 1940 ыам ыйыгар үрдүкү мераҕа тардыллыбыта, кэнники уһун болдьоххо хаайыыга уларытыллыбыта.
  • 1944 сыллаахха өлбүтэ. Реабилитацияламмыта.

Өссө маны көр

Ылыллыбыт сирэ

Саха Республикатын ил былаас официал сайта