Фаткулов Нургали Гизетович
Фаткулов Нургали Гизетович, 1938 — 1940 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомын бэрэсэдээтэлэ.
1900 сыллаахха Дьокуускайга төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы реальнай училищены уонна ВЦСПС Үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ.
Олоҕун олуктара
1917 - 1918 сыллардаахха — Дьокуускайдааҕы сибээр оскулатын үөрэнээччитэ;
1918 - 1921 сыллардаахха — Өлүөхүмэтээҕи телеграф конторатыгар көрөөччү;
1921 - 1922 сыллардаахха — Дьокуускайга сибээс салалтатын телефон отделын сэбиэдиссэйэ;
1922 - 1925 сыллардаахха — Сибээс үлэһиттэрин профсоюһун Саха сиринээҕи управлениетын сэкрэтээрэ;
1925 - 1926 сыллардаахха — Саха АССР Сүрүн Суутун чилиэнэ;
1927 - 1930 сыллардаахха — Москваҕа ВЦСПС Үрдүкү оскуолатын үөрэнээччитэ;
1930 - 1931 сыллардаахха — ВКП(б) Саха обкомын отделын сэбиэдиссэйэ;
1931 - 1934 сыллардаахха — ВКП(б) Саха сиринээҕи Хонтуруоллуур Хамыһыйа бэрэсэдээтэлэ уонна Рабоче-крестьянскай Инспекция наркома;
1934 сылга — ВКП(б) Саха обкомын эргиэн отделын сэбиэдиссэйэ;
1934 атырдьах ыйыттан - 1938 сылга диэри — ВКП(б) Алдан райкомын сэкрэтээрэ;
1938 от ыйа – 1940 кулун тутар — Саха АССР Совнаркомын бэрэсэдээтэлэ;
1940 - 1944 сыллардаахха — Саха АССР Наркомхозын Якутстройтрест управляющайа;
1944 - 1946 сыллардаахха — Дьокуускайдааҕы горсовет исполкомын бэрэсэдээтэлэ;
1946 - 1950 сыллардаахха — Госрыбтрест салайааччытын солбуйааччыта;
1950 - 1951 сыллардаахха — ССРС Наукаларын Академиятын Саха сиринээҕи салаатын библиотекатын сэбиэдиссэйэ.