Пестун Ефим Григорьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ефим Григорьевич Пестун — 1923—1925 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкомын сэкрэтээрэ (1889—1939).

Могилев куоракка (билигин Беларусь) төрөөбүтэ. 1905—1907 сыллардааҕы революция кыттыылааҕа. 1918 сылтан РСДРП чилиэнэ.

Олоҕун олуктара

  • 19111912 сыллардаахха — РСДРП Красноярскай комитетыгар;
  • 1912—1917 сыллардаахха — политкаторжанин;
  • 19191920 сыллардаахха — Гомель куоракка потребкооперация губернскай союз бэрэссэдээтэлэ;
  • 1920—1921 сыллардаахха — РКП(б) Гомель губкомын сэкрэтээрэ;
  • 1921—1922 сыллардаахха — РКП(б) Башкирияҕа болномуочунайа;
  • 1922—Доннааҕы Ростов куоракка профсоюз бэрэссэдээтэлэ;
  • 1923 сыл ахсынньы — 1925 сыл бэс ыйа — ВКП(б) Саха обкомын сэкрэтээрэ;

Саха сириттэн барбытын кэннэ Москваҕа, Иваново-Вознесенскай губернияларга уонна Орто Волга кыраайыгар партия уонна сэбиэт үлэтигэр.

  • 1939 сыллаахха өлбүтэ.

Ылыллыбыт сирэ

Саха Республикатын Национальнай Архив саайта