2004 сыл
Сыллар |
---|
2000 2001 2002 2003 — 2004 — 2005 2006 2007 2008 |
Уоннуу сыллар |
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2004 сыл.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2004 сыл ыам ыйын 9 күнүттэн 2005 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрин сылынан биллэриллибитэ.
Арассыыйа үрдүнэн "Суперзакон" диэн ааттаммыт 122№ Федеральнай сокуон олоххо киирбит. Бу сокуон урукку туох баар социальнай льготалары суох гыммыта, ол оннугар судаарыстыба кыаммат-түгэммэт араҥаарга көмөнү харчыннан төлүүргэ көспүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сокуон өссө ылынылла илигинэ, ырытыытын кэмигэр сокуон бастакы барылын утарбыта, бу туһунан В. Штыров интервьютугар кэпсииригэр үс төрүөтү эппитэ: 1. Сокуон бастакы барыла Уһук Хоту льготаларын барытын соторо, 2. Былаас хамнас алын кээмэйин гарантиялаабат буолар этэ, 3. Субъектар льгота оннугар төлөнөр харчыны бэйэлэрэ булуохтаахтара, федеральнай киин эбии харчы төлүүрүн туһунан сокуоҥҥа суоҕа.
2003 сыллаахха саҕаламмыт олохтоох салайыныы реформата салҕаммыт. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр 448 муниципальнай тэриллии үлэлиир эбит, ол иһигэр 34 муниципальнай оруйуон, 2 куорат уокуруга, 52 куорат сэлиэнньэтэ уонна 360 тыа сэлиэнньэтэ. Муниципальнай бас билиигэ 70 тыһ. кэриҥэ судаарыстыба эбийиэгэ бэриллибит[1].
АЛРОСА 2004 сылга 1,7 млрд. дуолларга алмааһы хостообут. 16№ фабрика проектаммыт күүһүгэр киирбит, "Горнай" месторождениетыгар 203№ драга монтаажтанан үлэтин саҕалаабыт. "Холомолоох" уонна "Исток" месторождениеларга разработка саҕаламмыт.
Бүлүү, Нам уонна Хаҥалас улуустарын 7 сэлиэнньэтигэр аан бастаан гаас ситимэ тиийбит. Хатас-Павловскай газопровод утаҕа тутуллубут.
11 мөл. тахса туонна таас чох хостоммут.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 4
- «Спирит» марсоход Марска олорбут.
- Роза өрөбөлүүссүйэтин түмүгэр Михаил Саакашвили талыллыбыт.
Олунньу
- Олунньу 4 — Амыарыкаҕа Гарвард үнүбүрсүөтүн устудьуоннара Марк Цукерберг уонна Эдуардо Саверин Фэйсбук түмэт-ситими (социальная сеть) олохтообуттар.
- Олунньу 5 — Гаитига бэрэсидьиэн Жан-Бертран Аристид утары өрө туруу саҕаламмыт.
- Олунньу 13 — Астрофизиктар аан дойдуга саамай улахан алмааһы булбуттар, ол үрүҥ карлик сулус BPM 37093 эбит. Сулуһу Beatles бөлөх ырыатыгар холоон «Люси» диэн ааттаабыттар.
- Олунньу 26 — Латвия сейма НАТО-ҕа киирэр туһунан сокуону ылбыт.
- Олунньу 28 — мөлүйүөнтэн тахса Тайвань олохтооҕо 228 «Илииттэн илиигэ» миитиҥҥэ тахсан 500 килэмиэтирдээх тыыннаах сыап оҥорбуттар. 1947 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр буолбут түбэлтэни кэриэстээбиттэр.
Кулун тутар
- Михаил Фрадков Арассыыйа премьер-миниистирэ буолбут.
От ыйа
- От ыйын 24 күнүттэн 30 күнүгэр диэри — Дьокуускайга III Аан дойдутааҕы "Азия оҕолоро" оонньуулар буолбуттар. 14 омук дойдутуттан уонна Арассыыйа 27 субъегыттан 1509 спортсмен кыттыбыт.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 22
- Арассыыйаҕа льготаны монетизациялыыр (льгота оннугар харчы төлүүр) туһунан сокуон ылыллыбыт.
- 122-ФЗ сокуонунан айылҕа баайын хостуурга көҥүлү биэрэр "икки күлүүс" тосхоло ууратыллыбыт. Мантан инньэ хостуур лиссиэнсийэни федерация салалтата соҕотоҕун быһаарар буолбут.
- Алын Кураанахха өрөспүүбүлүкэ көмүс хостуур буолбута 80 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээбиттэр.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 28 — Гуманитарнай чинчийии институутугар «Саха сиригэр либерализм устуоруйата» диэн ааттаах билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ буолан ааспыт. Ыҥырыылаах ыалдьытынан бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара, профессор, «Русское либеральное наследие» пуонда бэрэсидьиэнэ Алексей Кара-Мурза кэлэ сылдьыбыт.
Алтынньы
- Алтынньы 2 — Лондоҥҥа бастакы пааркаҕа сүүрүү, о.э. паркран (ааҥыл. parkrun), тэрээһинэ буолбут. Паркран диэн аан дойду үрдүнэнэн куорат пааркаларыгар ыытыллар 5 килэмиэтирдээх сүүрүү. Бу сүүрүү күрэхтэһии буолбатах, ол эрээри бириэмэни ааҕаллар. Дьокуускайга паркран 2018 сылтан ыла кыһыннары-сайыннары субуота аайы сарсыарда 9 чааска куорат пааркатыгар ыытыллар.
- Амуур өрүһүгэр баар Тарабаров арыыта, Хабаровскай таһынааҕы Улахан Уссурийскай арыы уонна Аргунь өрүһүгэр баар (Чита уобалаһа) Большой арыы Кытайга бэриллэллэрин туһунан дөкүмүөҥҥэ бэрэсидьиэн Владимир Путин илии баттаабыт. 4 сыл буолан баран бу арыылар анал быһыыны-майгыны тутуһан Кытайга букатыннаахтык бэриллибиттэрэ.
- Алтынньы 29 — араабтыы тахсар «Аль-Джазира» ханаалга Усама бен Ладен 2011 сыллааҕы балаҕаны ыйын 11 күнүгэр АХШ-ка буолбут террактары тэрийбитин билинэрин туһунан видеота көстүбүт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 4 — Ил Түмэн уурааҕынан Марха уонна Хаҥалас бөһүөлэктэрэ Дьокуускай куоратын састаабыгар киирбиттэр.
- Сэтинньи 18 — Cэтинньи 15-18 күннэригэр Дьокуускайга Польша Өрөспүүбүлүкэтин наукатын уонна култууратын күннэрэ ыытыллыбыттар. Бу күннэр истэринэн «Польша киинэлэрэ» кинофестиваль, «Польша уонна Саха сирин историческай ситимнэрэ» төгүрүк остуол, Наассыйалыы архыып пуондатыттан быыстапка тэриллибит.
- Панкратион Аан дойдутааҕы федерациятын (ATHLIMA) ыҥырыытынан Сидней куоракка буолбут чөмпүйэнээккэ Саха Өрөспүүбүүкэтэ туспа хамаанданнан кыттыбыт.
Ахсынньы
- Ахсынньы 28 — СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытта көрсүбүт. Көрсүһүүгэ сыл түмүктэрин кэпсээбит, өрөспүүбүлүкэ тохсунньуттан суперсокуонунан киллэриллэр төлөбүрдэри саҕалыыр кыахтааҕын эппит, Уһук Хоту льготалара уларыйыыларынан үөскүүр кыһалҕаларга дойду салайааччытын болҕомтотун тарпыт.
Төрөөбүттэр
- Алтынньы 29 — Николаев Семен Иванович (Сомоҕотто) (01.09.1923—29.10.2004) — история билимин кандидата
Өлбүттэр
- Федора Петровна Егорова (1934—2004) — Саха сирин бастакы идэтийбит дьахтар-суруналыыһа, "Кыым" хаһыат тутаах эрэдээктэрэ,
- Иванова Александра Дмитриевна (1927—2004) — саха норуодунай артыыһа.
- Кулун тутар 4 — Ларионов Владимир Петрович - СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ, РАН академига, СӨ Академияларын чилиэнэ, техническэй наука доктора, профессор.
- Ыам ыйын 6 — Пестряков Иннокентий Юрьевич (19.07.1962—06.05.2004) — саха худуоһунньуга.
- Ыам ыйын 14 — Федотов Симон Петрович (01.04.1939—2004) — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа.
- Ыам ыйын 19 — Ильяхов Петр Николаевич (09.06.1938—19.05.2004) — история билимин кандидата
- Алтынньы 29 — Семен Николаев - Сомоҕотто — устуоруйа билимин хандьыдаата, этнография эйгэтигэр сахалартан бастакы үрдүк үөрэхтээх чинчийээччи, сүүстэн тахса үлэ ааптара.
- Ясир Арафат (1929 төр.), Палестинаны босхолуур тэрилтэ ситэриилээх кэмитиэтин бэрэстээтэлэ (1969—2004), Нобель Эйэ бириэмийэтин лауреата.
- ↑ И.И. Шабалина Вместе работаем на будущее // Республика Саха: год 2004. — Якутск: ИД "Якутия", 2005. — С. 60-68. — 320 с. — 5000 экз. — ISBN 5-471-00162-1