Гаити өрөбөлүүссүйэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гаити өрөбөлүүссүйэтэ — 1791—1803 сылларга буолбут аан дойду устуоруйатыгар кулуттар тутулуга суох дойду туппут соҕотох ситиһиилээх өрө туруулара. Өрө туруу түмүгэр Франция Киин Америкаҕа баар Сан Доминго (Сен Доменг) холуонньата Гаити диэн ааттаммыта.

Өрөбөлүүссүйэ 1791 атырдьах ыйын 22 күнүгэр саҕаламмыта, 1804 сыллаахха ситиһиилээхтик түмүктэммитэ — былааһы ылбыттара. Бу түбэлтэ устуоруйаҕа бөдөҥ суолтаны ылбыта, уонна Атлантика эйгэтин да, аан дойдуну да уларыппыта — бу иннинэ хара тириилээхтэр дойдуну баһыылыыр кыахтара суох диэн санаа баһыйара.

1789 сылга Сан-Доминго Европа сүрүн холуонньарыттан биирдэстэрэ этэ, аан дойдуга саахар 40 % оҥорон таһаарара. Арыыга кыччаабыта 500 тыһыынча хара тириилээх кулут баара — Кариб байҕалын кулуттарын аҥаарын кэриҥэ.

1804 сыл тохсунньу 1 күнүгэр Гонаиве куоракка Жан-Жак Дессалин Сан Доминго холуонньа тутулуга суох дойду буоларын уонна Гаити диэн урукку аатын ыларын туһунан биллэрбитэ. Олохтоох таино омуктар тылларыгар Гаити диэн тыл «Хайа дойдута» диэн суолталаах.

Наполеон холуонньатын төннөрөөрү байыаннай эспэдииссийэ ыыта сылдьыбыта да, кыайбатаҕа.