Жан-Жак Дессалин

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Жан-Жак Дессалин (гаит. креол Janjak Desalin, фр. Jean-Jacques Dessalines, балаҕан ыйын 20, 1758алтынньы 17, 1806) — Гаити тутулуга суох судаарыстыбатын олохтооччу, дойду бастакы салайааччыта, наассыйа дьоруойа. Гаитини хара тириилээхтэр дойдуларынан биллэрбитэ.

Кулуттар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт, Жак диэн аатынан сүрэхтэммит, бастаан иччитин аатынан Дюкло диэн араспаанньалаах эбит, кэлин Дессалин диэн креол атыыласпытын кэннэ кини араспаанньатын ылбыт[1].

Гаити өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Киин Америкаҕа баар арыы Сан-Доминго (Сен Доменг) диэн ааттаах Франция холуонньата этэ. Өрөбөлүүссүйэ 1791 атырдьах ыйын 22 күнүгэр саҕаламмыта, 1804 сыллаахха ситиһиилээхтик түмүктэммитэ — былааһы ылбыттара. Бу түбэлтэ устуоруйаҕа кулуттар соҕотох ситиһиилээх өрө турууларынан буолбута, уонна Атлантика эйгэтин да, аан дойдуну да уларыппыта — бу иннинэ хара тириилээхтэр дойдуну баһыылыыр кыахтара суох диэн санаа баһыйара.

1804 сыл тохсунньу 1 күнүгэр Гонаиве куоракка Дессалин Сан Доминго холуонньа тутулуга суох дойду буоларын уонна Гаити диэн урукку аатын ыларын туһунан биллэрбитэ. Олохтоох таино омуктар тылларыгар Гаити диэн тыл «Хайа дойдута» диэн суолталаах.

Сыл ахсын алтынньы 17 күнүгэр Гаитига Дессалин күнэ бэлиэтэнэр.