1926 сыл
Сыллар |
---|
1922 1923 1924 1925 — 1926 — 1927 1928 1929 1930 |
Уоннуу сыллар |
1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1926 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 5 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкомын бюрота "Балаҕаны хотонтон араарар туһунан" уураах таһаарбыт.
- Тохсунньу 23 — Ньылхаҥҥа Бары тоҥустар иккис сийиэстэрэ арыллыбыт. Манна Саха АССР дьокутааттара кыттыыны ылбыттар. Сүрүн ырытыллыбыт боппуруос: тоҥустар уонна сэбиэскэй былаас. Саха хомуньуустара бу иннинэ саҕаламмыт тоҥус бастаанньатын уҕарыта сатаабыттар, тоҥустар буоллаҕына сэбиэскэй былаас туох да үчүгэйи аҕалбата диэн санааларын уларыппатахтар.
Олунньу
- Олунньу 1 — Киргизскай АССР төрүттэммит.
- Георгий Сивцев кыттыбыттар.
Кулун тутар
- Кулун тутар 2 — ССКП Саха сиринээҕи обкуома Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай кинигэ кыһатын тэрийэр туһунан быһаарыы ылыммыт, бу быһаарыы САССР бырабыыталыстыбатын от ыйын 30 күнүнээҕи уурааҕынан (М. Аммосов илии баттааһыннаах) олоххо киирбитэ. Кыһа кэлин 90-с сылларга "Бичик" диэн ааттаммыта, 2021 сыллаахха "Айар" диэн буолбута.
- Ыам ыйын 12 — Польшаҕа переворот буолбут, Польша урукку Начальнига (1918-22 сс. дойду баһылыга), кэлин аармыйа генштабын салайааччыта, маршал Юзеф Пилсудскай былааска төттөрү кэлбит, авторитарнай режими олохтообут.
- Сайын — Незаметнай бириискэҕэ маҥнайгы драга үлэҕэ киирэр.
Алтынньы
- Алтынньы 14 — "Чолбон" сурунаал маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт. Сурунаал аата хаста даҕаны уларыйа сылдьыбыт: 1930-1937 сc. — "Кыһыл ыллык", 1938-1940 сc. — "Художественная литература", 1940-1998 сc. — "Хотугу Сулус", уонна 1999 сылтан ыла "Чолбон" диэн бастакы аата төннөрүллүбүт. Маны таһынан 1956 сылтан ыла "Хотугу Сулустан" нууччалыы "Полярная звезда" сурунаал туспа барбыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 2 — саха тылынан тахсар уус-уран литэрэтиирэ сурунаала "Чолбон" төрүттэммит. Саха АССР обкуомун бүрүөтүн 107 нүөмэрдээх боротокуолугар олоҕуран "Саха омук" култуура-сырдатар уопсастыба уонна Үөрэҕирии, доруобуйа харыстыабылын наркоматын кыттыгас таһаарыыларын быһыытынан олохтоммута. Төрүттээччилэринэн суруйааччы Алампа (сурунаал бастакы эрэдээктэрэ), литэрэтиирэ кириитигэ Василий Леонтьев, тылбаасчыт Алексей Бояров буолбуттара.
- Сэтинньи 10 — 24 саастаах ВКП(б) Верхоянскай уокуруктааҕы кэмитиэтин сэкиритээрэ Афанасий Новгородов, кэлин биллиилээх учуонай буолбут. Бастакы уокуруктааҕы ВКП(б) конференциятын тэрийэн сэтинньи 10-18 күннэригэр ыыппыта.
Ахсынньы
- Ахсынньы 6 — Саха АССР Үөрэх уонна Доруобуйа харыстабылын наркоматын дьаһалынан Саха национальнай труппатын оннугар Саха судаарыстыбаннай национальнай тыйаатыра тэриллибит.
- Ахсынньы 29 — Төмтөөн оройуона тэриллибитэ, киинэ Якут диэн суол станциятыгар буолбута (1927 сыллаахха улуус киинэ Нагорнай бөһүөлэккэ көһөрүллүбүтэ).
Төрөөбүттэр
- Каратаев Василий Осипович (1926 — 1980), олоҥхоһут.
- Новгородцев Павел Андреевич — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Олунньу 15 — Михаил Тарабукин — биллиилээх сылгыһыт, Уус-Алдан улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин Ытык олохтооҕо, Аҕа дойду улуу сэриитин кытыылааҕа.
- Кулун тутар 24 — Попова Марина Константиновна — ырыаһыт, Саха АССР норуот артыыһа.
- Муус устар 3 — Луконина Воля Анфимовна — Социалистическай Үлэ Геройа, геолог.
- Ыам ыйын 5 — Сыромятников Георгий Саввич (05.05.1926—02.02.1991) — литературовед, литератураны ырытааччы.
- Атырдьах ыйын 29 — Маркин Сергей Николаевич, 1979 — 1989 сыллардаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
- Алтынньы 6 — Сергеев Михаил Семенович — Социалистическай Үлэ Геройа.
- Алтынньы 14 — Осипов Николай Федотович — Чоомуут, ырыаһыт, оһуокайдьыт.
- Сэтинньи 30 — Каримова Салима Сафиевна — Социалистическай Үлэ Геройа, геолог.
Өлбүттэр
- Голубев Александр Ефимович - медицина доктора, гистология профессора, Саха сиригэр XIX үйэҕэ быраастаабыт киһи.
- Бэс ыйын 6 — Москуба куоракка саха литератууратын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, поэт, философ Өксөкүлээх Өлөксөй ыалдьан өлбүт.
Литература
- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.