Оһуохай

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оһуохай — сахалар былыргы үҥкүүлэрэ. Сиэри-туому тутуһууну кытта ситимнээх. Былыргы сахалар аан дойдуну көрүүлэрэ бу үҥкүү хамсаныыларын нөҥүө биллэр.

Элбэх киһи эргимтэҕэ туран анал хатыланар хамсаныылары оҥоро-оҥоро уонна ыллыы-ыллыы күн хоту эргийэллэр. Үс чаастан турар. Саҕалааһын - таһаарааччы дьону ыҥырар, бытаан үҥэр хамсаныылар оҥоһуллаллар. Иккис аҥаара - хаамыы үҥкүү - былыр айаны ойуулуур эбит, оһуохай саамай уһун чааһа. Манна сэниэлээх хамсаныылар баар буолаллар, дэгэрэҥ ырыа ылланар. Үҥкүүһүттэр илиилэрэ-атахтара буруһууна курдук хамсыыр. Оһуохай үһүс чааһа - көтүү. Үҥкүү чыпчаала. Саамай кылгас ол гынан баран саамай өрө көтөҕүүлээх. Дьон ойуолаһан бараллар. Көтүү үҥкүү (киэҥник ыллаахха - ыһыах) сүрүн санаатын ситиһэр - айыылары кытта биир буолуу, санаа бөҕөргөөһүнэ.

Сахалар сиэр-туом тутуһар сүрүн бырааһынньыктара — куйаар (космос) биир тиһиликкэ киирэллэрэ көстөр[1].

Быһаарыылар

  1. Саха сиэри-туомун айымньылара (Обрядовая поэзия саха (якутов). Новосибирскай, «Наука», 2003

Өссө маны көр