Битии
Битии — сахалар былыргы үҥкүүлэрэ, анал сиэргэ-туомҥа туттуллар. Айыыларга сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх. Битии диэн токуйбут атахтарынан сири түргэн-түргэнник битийии (үктээһин) ааттанар.
Бу үҥкүүнү оһуохайтан уратыта диэн ханнык баҕарар киһи үҥкүүлээбэт. Айыы ойуунун салалтатынан барар. Битиигэ 13-15 саастаах эдэр дьон - битииһиттэр - эрэ кытталлар. Ол кыттыылара бэйэлэрин баҕаларынан эрэ буолар. Ол гынан баран кыттар оҕолорго анал көрдөбүл баар - ыраас дьүһүннээх, көнө уонна чэпчэки уҥуохтаах буолуохтаахтар.
Битии ханнык сиэргэ-туомҥа туттулларыттан көрөн араас барыллардаах буолар. Ол гынан баран илиилэринэн биирдии-биирдии ытыстарын иһирдьэ тутан далбаатыыллар.
Билигин битии бэйэтин толору суолтатыгар толоруллубат, ол гынан баран кини элэмиэннэрэ сахалыы үҥкүүлэр саҥа барылларыгар туһанылаллар.
Сахалар сиэр-туом тутуһар сүрүн бырааһынньыктара — куйаар (космос) биир тиһиликкэ киирэллэрэ көстөр[1].
Быһаарыылар
- ↑ Саха сиэри-туомун айымньылара (Обрядовая поэзия саха (якутов). Новосибирскай, «Наука», 2003
Өссө маны көр
Бу саха культуратыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |