Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэ күннэрэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэлиэ күннэрэ — туох эрэ суолталаахха дьон болҕомтотун тардаары Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэнэр күннэр
Судаарыстыба бэлиэтиир күннэрэ
- Олунньу 13 — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев N 1294 Ыйааҕынан 1996 сыл олунньу 9 к. олохтоммута. Саха бастакы анал үөрэхтээх лингибииһэ Сэмэн Ноҕоруодап төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Олунньу тиһэх баскыһыанньата (22—29) — Чөл турук күнэ (Национальный День Здоровья), СӨ бэрэсидьиэнин N 945 Ыйааҕынан 2000 сыл тохсунньу 17 к. олохтоммута
- Кулун тутар бастакы субуотата — Табаһыт күнэ
- Кулун тутар 5 — Норуот маастарын күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 1227 Ыйааҕынан 2012 сыл олунньу 21 к. өрөспүүбүлүкэ омуктарын үгэс буолбут дьарыктарын өйүүргэ анаан олохтоммута[1].
- Кулун тутар 19 — Аартыка күнэ. СӨ Ил Дарханын N 200 Ыйааҕынан 2014 сыл ахсынньы 11 к. Саха сирин хотугу улуустарын өйүүр соруктаах олохтоммута[2].
- Кулун тутар 21 — Сылгыһыт күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 1373 Ыйааҕынан 2016 сыл атырдьах ыйын 17 к. олохтоммута
- Кулун тутар 23 — Быраабы билии күнэ (нууч. День правовых знаний). СӨ бэрэсидьиэнин N 284 Ыйааҕынан 2010 сыл алтынньы 5 к. олохтоммута
- Муус устар бастакы субуотата (6—13) — Булчут күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 1224 Ыйааҕынан 2012 сыл олунньу 17 к. олохтоммута
- Муус устар бастакы баскыһыанньата (1—7) — Аҕа күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 685 Ыйааҕынан 1999 сыл олунньу 15 к. олохтоммута
- Муус устар иккис баскыһыанньата (15—21) — Уол оҕо күнэ. СӨ Ил Дарханын Егор Борисов 2017 сыл олунньу 6 күнүгэр тахсыбыт ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
- Муус устар 27 — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. 1922 сыллаахха Саха АССР олохтоммут, 1992 сыллаахха СӨ конституцията олоххо киирбит. 2018 сыллаахха бырабыыталыстыба N 411 уурааҕынан (Об объявлении республиканских праздничных дней нерабочими днями в 2018 году, 22.12.2017) Ыһыах күнүн кытта өрөбүл күнүнэн биллэриллэ сылдьыбыта.
- Ыам ыйын үһүс баскыһыанньата (15—21) — Туругу тупсарар сүүрүү уонна хаамыы күнэ (нууч. День оздоровительного бега и ходьбы). СӨ бырабыытылыстыбатын уурааҕынан сылга иккитэ бэлиэтэнэр
- Ыам ыйын 21 — Ырыа күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сыл ыам ыйын 20 к. №2456 уурааҕынан бэлиэтэнэр
- Ыам ыйын 22 — Сайылык күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 к. уурааҕынан бэлиэтэнэр[3]
- Бэс ыйын 21 — Ыһыах күнэ (нууч. День национального праздника "Ысыах"). 2018 сыл муус устар 26 күнүгэр Ил Түмэн бу күнү өрөспүүбүлүкэҕэ өрөбүл күнүнэн биллэрбитэ ("Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эбии өрөбүл күннэрин биллэрэр туһунан" сокуон)
- От ыйын 1 — Саха бэчээтин күнэ. Саха сирин бастакы тутулуга суох хаһыата «Якутский край» — «Саха дойдута» тахсыбыт күнүгэр бэлиэтэнэр. СӨ Ил Дарханын N 1007 Ыйааҕынан 2020 сыл олунньу 13 к. олохтоммута.
- От ыйын 2 — Өлүөнэ өрүс күнэ, 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр
- Балаҕан ыйын иккис баскыһыанньата (8—14) — Дьокуускай куорат күнэ. Дьокуускай баһылыгын N 72-Р дьаһалынан 1999 сыллаахха атырдьах ыйын 11 к. олохтоммута
- Балаҕан ыйын үһүс баскыһыанньата (15—21) — Туругу тупсарар сүүрүү уонна хаамыы күнэ (День оздоровительного бега и ходьбы). СӨ бырабыытылыстыбатын уурааҕынан сылга иккитэ бэлиэтэнэр
- Балаҕан ыйын 27 — Судаарыстыбаннас күнэ. 1990 сыллаахха бу күн Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация тахсыбыта
- Алтынньы 8 — Саха тэлэбиидэнньэтин күнэ. 1963 сыллаахха бу күн Саха тэлэбиидэнньэтин бастакы биэриитэ тахсыбыта
- Алтынньы 8 — Cаха сирин абыйаассыйатын күнэ. 1925 сыллаахха бу күн Саха сиригэр бастакы сөмүлүөт пассажирдаах көтүүтэ буолбута
- Алтынньы үһүс баскыһыанньата (15—21) — Ийэ күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан 1993 сыл балаҕан ыйын 2 к. олохтоммута
- Алтынньы 23 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ювелирнай уонна алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин күнэ. 2010 сыллаахтан бэлиэтэнэр
- Сэтинньи 6 - Нерюнгри куорат күнэ. РСФСР үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан 1975 сыл Алдан оройуонун Нерюнгри бөһүөлэгэ Өрөспүүбүлүкэ куоратынан аатырбыта.
- Сэтинньи 25 — Олоҥхо күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан 2006 сыл сэтинньи 15 к. олохтоммута
- Сэтинньи 27 — Идэлээх сойуустар үлэһиттэрин күнэ. 2011 сыллаахтан СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан бэлиэтэнэр
- Сэтинньи 30 — Хомус күнэ. 1990 сыллаахха бу күн Дьокуускайга Хомус түмэлэ уонна аан дойду омуктарын хомустарын киинэ аһыллыбыт. Күн 2011 сыллаахтан СӨ бэрэсидьиэнин Егор Борисов ыйааҕынан бэлиэтэнэр
Дьон-сэргэ көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр күннэр
- Ыам ыйын 18 — Ньургуһун күнэ. Айылҕа харыстабылын кэллиэгийэтигэр суруналыыс Уйбаан Уһуунускай көҕүлээһининэн бигэргэммитэ
- Бэс ыйын 30 — Сардаана сибэкки күнэ[4]
- Алтынньы 13 — Хаардьыт күнэ. Бу күн эргин Саха сирин киин өттүгэр кыс хаар түһэр. Дьиҥэр, урут Хаардьыты Ый Үргэлгэ (Дьыл оҕуһугар) киирдэҕинэ, кэтии сылдьан бэлиэтииллэрэ[5].
- Алтынньы 14 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха бу күн Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтин (Якутская-Саха ССР) Үрдүкү Сэбиэтин VI сиэссийэтигэр бигэргэтиллибитэ (РФ судаарыстыбаннай геральдика регистрыгар № 183 бэлиэтэммитэ).
Быһаарыылар
- ↑ СӨ биллэрэр портаала: День народного мастера в Республике Саха (Якутия)
- ↑ Аартыканы сайыннарыы уонна өрөспүүбүлүкэ омуктарын дьыалаларыгар министиэристибэ ситим-сирэ
- ↑ СӨ Тыа хаһаайыстыбатын ситим-сирэ
- ↑ https://ysia.ru/v-yakutii-otmechayut-den-sardaany/
- ↑ Үргэл сулус бөлөҕө (нууч. Плеяды) Дьыл оҕуһун сулус бөлөҕөр (нууч. созвездие Тельца) киирэр