Носов Михаил Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Носов Михаил Михайлович

Носов Михаил Михайлович (1887 — 1960) — Саха норуодунай худуоһунньуга, чинчийээччи-этнограф.

Олоҕун олуктара

Носов Михаил Михайлович 1935 сыллаахха Саха Сирин худуоһунньуктар мунньахтарыгар хаҥастан бастакы олорор
  • Дьабыл нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1908—1920 сыллардаахха Чычымах, Чурапчы, Амма оскуолаларыгар учуутал, ону таһынан наука-чинчийэр уонна уус-уран үлэтин саҕалаабыт.
  • 1920 сыллаахха Амма ревкомын сэкрэтээрэ.
  • 1921—1922 сылларга Саха АССР холуобунай көрдөөһүн следователэ.
  • 1922—1925 сылларга Саха АССР Сүрүн Суутун следователэ.
  • 1925—1928 сылларга Саха АССР доруобуйа харыстабылын наркоматыгар үлэлиир, ону таһынан Дьокуускайга Иккис хардыы оскуолатыгар учууталлыыр уонна чинчийэр үлэтин салҕаабыт.
  • 1928—1933 сылларга Дьокуускай медицина техникумугар преподаватель.
  • 1933—1947 сылларга Саха АССР Совнаркомын уус-уран Салалтатыгар үлэлиир, ону таһынан Саха АССР Госиздатыгар иллюстратор-худуоһунньук.
  • 1947 сылтан ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Тыл, литература уонна история институтугар үлэлээбит.
  • 1960 сыл от ыйын 27 күнүгэр өлбүт.

Айар үлэтэ

Носов. Ойуун маһа, акварель

Живописец уонна график, этнограф быһыытынан былыргы саха материальнай культуратын уонна прикладной ускуустубатын чинчийиигэ уонна хомуйууга сүҥкэн оруоллаах.

«Якуты XVII века. Ысыах», акварель.
«Якутия в народном эпосе», акварель.
«Материальная культура якутов XVII — нач. XX века». Биэс томнаах атлас.
«Одежда и её украшения у якутов XVII—XVIII веков», 1 вып. — Якутск, 1955.
«Эволюционное развитие якутской одежды с конца XVII столетия до 1920-х годов», 2 вып. — Якутск, 1957.

Өссө маны көр

Саха норуодунай худуоһунньуктарын тиһигэ

Сигэлэр

  • Габышев Л. М. Михаил Михайлович Носов. Каталог выставки. — Якутск: издание ЯРМИИ, 1959.
  • Потапов И. А. Первые художники Советской Якутии. — Якутск: кн. изд-во, 1979.
  • Чемезов В. Н. Роль Якутской комиссии АН СССР в историко-этнографическом изучении Якутии. Развитие гуманитарных исследований в Якутии. — Новосибирск, 1981.
  • Новгородов И. Д. Археологические раскопки музея, вып. 1. — Якутск, 1955.
  • Винокуров П. В. Музеи Якутии. — Якутск, 1991.

Туһаныллыбыт сир