Марков Федор Иванович
Марков Федор Иванович — муосчут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга.
Олоҕун олуктара
- 1948 сыл алтынньы 5 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
- 1975 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрбитэ. «Сардаана» фабрикаҕа ювелирдаабыта. Иккис идэтэ мас, металл, муус уонна кумах скульптурата.
- 1975 сылтан Саха сиргэр, Арассыыйаҕа уонна чэрчи таһынан быыстапкаларга кыттар.
Быыстапкалара
- Америка куораттарыгар (1994)
- Францияҕа (1996)
- Хоҥ Коҥ куоракка (1997)
- Чехияҕа Пльзень куоракка персональнай быыстапка (2003)
- Ону таһынан муус уонна кумах скульптура фестиваалларга.
- 2004 сыллаахха муус фигураларга Харбин куоракка (Кытай) бастаабыта.
- 2007 сыллаахха сайын А. Аргунова — Күөрэгэй ыҥырыытынан Рейкьявик куоракка (Исландия) саха балаҕанын туппута.
- 1992—1994 сыллардаахха Арассыыйа уус-уран Академиятын Красноярскайдааҕы салаатыгар Л. Н. Головницкай уонна Ю. П. Ишханов профессордар салалталаах стажировка барар.
Үлэлэрэ Третьяков галереятыгар (Москва), Нуучча музейыгар, Антропология түмэлигэр (Санкт-Петербург) уонна Саха Сирин түмэллэригэр бааллар.
Өссө маны көр
Саха норуодунай худуоһунньуктарын тиһигэ
Сигэлэр
- Иванова-Унарова З. И. Из плена вечной мерзлоты. Косторез Федор Марков. Альбом-монография на рус. и англ. — Якутск, 1999.
Ылыллыбыт сирэ
Бу худуоһунньукка сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |