Хотугу полюс эргимтэтэ
Хотугу полюс эргимтэтэ — Сир каартатыгар көрдөрүллэр биэс сүрүн параллельлартан биирдэстэрэ.
Арктика диэн ааттанар. Соҕуруу полушариеҕа маннык параллель соҕуруу полюс эргимтэтэ диэн ааттанар.
Хотугу полюс эргимтэтэ Полюс күнэ уонна Полюс түүнэ буолар сири чэрчилиир.
Бу эргимтэттэн хоту сытар ханнык баҕарар сиргэ күн сылга биирдэ, эбэтэр онтон да элбэх күн горизонт анныгар 24 чааһы быһа көстүбэт.
Бу түбэлтэ сылга биирдэ буолар ахсынньыга. Эбэтэр күн горизонт анныгар киирбэт бэс ыйыгар. Срҕуруу полюс эргимтэтиттэн соҕуруу сытар сирдэргэ эмиэ оннук.
Полюс эргимтэттэн хоту климат кытаанах буолан аҕыйах киһи олорор. Манна түөрт бөдөҥ куорат баар: Мурманскай (325 000 киһи), Норильскай (135 000 киһи), Воркута (85 000 киһи) (барыта Тромсё (62 000 киһи) (Норвегия).
Саха сиригэр Анаабыр, Булуҥ, Усуйаана, Аллайыаха, Абый, Аллараа Халыма, Орто Халыма уонна Эбээн Бытантай улуустар полюс эргимтэттэн хоту сыталлар, онтон Өлөөн, Эдьигээн, Үөһээ Дьааҥы, Муома уонна Үөһээ Халыма улуустар территориялара сорҕото.