Тараз

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тара́з (каз. Тараз , сэбиэскэй кэм саҕана — Джамбул) — Казахстан биир саамай былыргы куората, Жамбыл уобалаһын административнай киинэ. Казахстан соҕурууҥҥу өттүгэр, Кыргыстааны кытта быысаһар сиригэр, Талас үрэх сүнньүгэр турар. 2020 сыл саҕаланыытын туругунан, куорат нэһилиэнньэтин ахсаана официально 357 795 киһи диэн. Куоракка норуоттар икки ардыларынаагы салгын пуорда, тимир суол ыстаансыйата, массыына, көлө баксаала, атыы эргиэн кииннэрэ, аралдьытар саататар кииннэр, олус элбэх сквер уонна сынньанар паарка баар. .

Устуоруйата

Аулие-Ата. Цитадель кырамтата. «Туркестан Альбомун» хаартыската, 1871—1872 сыл.
«Герб города Тараз» диэн почта марката

Куорат туһунан аан бастакы ахтыы грек источниктарыгар 400 сыллаахха суруллубута баар. Онно куорат Толос диэн аатынан киирэ сылдьар. Бу -- Уулуу Торҕо Суолун биир хотугу салаатын суолугар киирэр куорат этэ. Онон соҕурууттан хотуттан атыыһыт арааһа кэлэн ааһара.

751 сыллаахха куорат таһыгар сурукка бичиккэ киирбит Талас кыргыһыыта буолбута. Онно Зияд ибн-Салих салайааччылаах араап аттаах сэриитэ карлуктары кытта кыттыһан Гао Сяньчжи салайааччылаах Кытай Тан аармыйатын имири кыдыйбыта.

VIII уонна X үйэлэргэ куорат Карлук ханствотын састаабыгар киирэ сылдьыбыта.

999 сыллаахха кыраайы караханидтар баһылаабыттара. Караханидтар саҕана, в XI—XII үйэлэргэ, былыргы Тарах саарыстыба киин куората буола сылдьыбыта, муҥутаан сайдыбыта чэчирээбитэ.

Билэ:Mechetnew4.JPG
«Хибатулла ат-Тарази» киин мэчиэт

XIIIXV үйэлэргэ куорат Монгол империятын Чагатай улууһугар киирэ сылдьыбыта. 1465-1718 сылларга — Казахстан ханствотын куората буолбута. 17231727 сс. куораты джунгардар алдьаппыттара.

1917 сыллаахха Арыситтан Вернайга диэри Семиреченскайдааҕы тимир суолу оҥорбуттара. Ол куорат сайдыытыгар улахан тирэх буолбута. Сэбиэскэй кэмҥэ суол Турксиб састаабыгар киирбитэ (1930).

19361938 сыллардаахха куорат «Мирзоян» диэн буола сылдьыбыта. Мирзоян Левон Казахстан КК КП(б) бастакы сэкирэтээрэ, 1939 сыллаахха эрэпириэссийэлэммит киһи этэ.

1938 сыллахха Мирзоян Джамбул диэн буолбута. Казах биллэр бэйиэтэ, акына Джамбул Джабаев аатынан.

1997 сыллаахха тохсунньу 8 күнүгэр Казахстан Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан куорат аата Тараз диэҥҥэ уларыйбыта.

Билэ:Taraz.JPG
Жамбыл уобалаһын акимата

2020 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр куорат 2000 сааһын бэлиэтээбитэ. Ону ЮНЕСКО официальнайдык билиммитэ.

Географията

Тараз куорат өрөспүбүлүкэ соҕурууҥҥу өттүгэр, Талас үрэх киэҥ хочотугар сытар. Кини сирин уотун иэнэ -- 150 км². Куораттан соҕуруу диэки Арҕааҥҥы Тянь-Шань, оттон арҕааҥҥы диэки Каратау хайалар бааллар.

Административнай-территориальнай тутула

Таразе 12 дьоҕус түөлбэттэн уонна чааһынай дьиэлэртэн турар. Өссө саҥа дьоҕус түөлбэлэр тутуллаллар. Түөлбэлэрэ бары тус туһунан ааттардаахтар: Акбулак, Каратау, Жайлау, Салтанат, Талас, Самал, Алатау, Мынбулак, Аса, Жансая, Астана, Байтерек,Массив-карасу.

Куорат нэһилиэнньэтэ

Омугунан састааба (2020 сыл саҕаланыыта)[1]

Барыта — 357 795 киһи. (100,00 %)

Бырааттыы куораттара

Бэлиэтээһиннэр

Сигэлэр